22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Үөһээ Бүлүүгэ "Манчаары оонньуутун" култуурунай чааһын былаанын торумнаатылар

15:03, 25 октября 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үөһээ Бүлүү улууһугар СӨ культура уонна духуобунай сайдыы  миниистирин солбуйааччыта Николай Макаров салайааччылаах 20-с Үбүлүөйдээх Манчаары оонньууларын культурнай бырагыраамматын тэрийэр бөлөҕө кэлэн, сүбэ мунньах ыытта.


Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр ыытыллыбыт кэпсэтии Спартакиаданы арыйыыттан, түмүктэниитигэр диэри хайдах барыахтааҕа, хас киһи кыттыахтааҕа, туох баар культурнай тэрээһиннэр тула барда.

СӨ Культуратын Миниистирин солбуйааччыта Николай Макаров:

Манчаары оонньуута аһыллыытынан уонна сабыллыытынан эрэ муҥурдаммакка, ону таһынан араас хабааннаах культурнай тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Таһырдьа киинэ, рок, вокальнай-инструментальнай фестиваллар буолуохтара. Маны сэргэ бэс ыйын 23-24 күннэригэр улуус ыһыаҕа ыытыллара былааҥҥа турар. Онон ыһыах Спартакиада культурнай бырагырааммалара бэйэ-бэйэлэригэр мэһэйдэспэттэрин туһугар үлэлиэхтээхпит. Манан туһунан хамыыһыйа дьарыктаныаҕа.

Манчаары арыллыытыгар Дьокуускай куораттан 250 киһилээх бөлөх кэлэрин былаанныыбыт, манна кыттыахтара «Арктика» автономнай тэрилтэтэ, саха циркатын үлэһиттэрэ, филармония, саха уонна Олоҥхо тыйаатырдырын үлэһиттэрэ, маны сэргэ Үөһээ Бүлүү олохтоохторо. Бастаан биир тыһыынча киһини кытыннарар былааннаах этибит, онтон стадиону көрөн баран 2500 киһини кытыннарыахха диэн биир санааҕа кэллибит. Хас оҕо, хас дьахтар, хас эр киһи кыттара – сценаристар уонна режиссердар үлэлэрэ буолуоҕа. Аныгы кэлиибитигэр кыттыахтаах 2500 киһи бастакы барыллаан испиэһэгэ баар буолуохтаах. Спартакиада буолара 7 ый хаалла, онон бэлэмнэнии үлэтэ саҕаланыахтаах. Улахан тэрээһин буоларынан, элбэх киһи кыттыаҕа, элбэх техника ирдэниэҕэ. Улуус үрдүнэн 5 эрэ автобус баар диэн буолла, бу аҕыйах. Онон Культура министиэристибэтиттэн эбии 9 автобус уларсык бэриллиэҕэ, кэлбит автобустар манна үлэлииллэрин хааччыйыахпыт. Сүрүн болҕомтону уонна сүрүн бэлэмнэниини улуустааҕы культура департамена ыытыаҕа. Бэс ыйын ортотуттан график быһыытынан режиссердар, звукорежиссердар, сценаристар, хороеграфтар, худуоһунньуктар, дизайнердар кыра-кыралаан кэлэн үлэлээн барыахтара. Бу улахан тэрээһин кэлэр көлүөнэ ыччакка нэһилиэстибэ быһыытынан кэскиллээх буоларын туһугар бары биир киһи курдук түмсэн үлэлиири ситиһиэхтээхпит.

Манчаары спартакиадатын сүрүн режиссера Руслан Тараховскай:

Стадион устатынан олус киэҥ, элбэх киһи кыттара наада, оччоҕо Спартакиада арыллыыта өрө күүрүүлээх, кыраһыабай буолуоҕа. Бөһүөлэк биэс оскуолатыттан 5-8 уонна 10-с кылаас оҕолоруттан барыта тыһыынча оҕо кыттара наада. Итиэннэ чугастааҕы нэһилиэктэртэн оскуола оҕолорун, олохтоохторун, бөһүөлэк дьонун-сэргэтин түмтэххэ, этиллибит 2500 киһи тахсыан сөп диэн санааҕа кэллибит. Үгүс дьону, сценаристары, улуус баһылыга Владимир Поскачины кытта сүбэлэһии түмүгэр Спартакиада арыллыытын ис хоһооно уол оҕо, эр киһи оруола, спортивнай тыыны, саха төрүт оонньууларын көрдөрөр сыаллаах буолуохтаах диэн буолла. Саҥа Дьылтан арыллыытын-сабыллыытын хамсаныыларын эрчиллэн барыахпыт, нэһилиэктэринэн тарҕатыахпыт, онтон бэс ыйын ортото бары түмсэн эрчиллиэхпит. 

Кырдьаҕастары кытта кэпсэтиигэ Манчаары чэрчитинэн ыытыллар культурнай тэрээһиннэргэ Бүөтүр Тобуруокап уонна Михаил Алексеев төрөөбүттэрэ 100 саастарын учуоттууру, спортка сыһыаннаах кылгас киинэлэр, уустар быыстапкалара, тыыннаах дорҕоон кэнсиэртэрэ, Манчаарыга сыһыаннаах испэктээкиллэр, Хотун Бүлүү ымыытын, 2017 сылга ыытылларынан 6 сааһыттан 60 сааһыгар диэри 2017 боотуру киллэриэххэ, Манчаарыны Үөһээ Бүлүүнү кытта сибээстиирдии саха национальнай дьоруойун курдук көрдөрөрү, Манчаары скверин эбэтэр болуоссатын оҥоруохха сөбүн, стадион утары турар ойуур саҕатын оонньуу арыллыытыгар, түмүктэниитигэр туһаныахха сөбүн, олимпийскай тыын эбэһээт баар буолуохтааҕын, кыайбыт спортсмен нэһилиэгин гииминэ тыаһыыра уонна былааҕа күөрэйэрэ хас биирдии көрөөччүнү долгутуоҕун туһунан этиннилэр.

«Бастатан туран, Манчаары оонньуулара спорт национальнай көрүҥнэригэр күрэхтэһии буоларын умнуо суохтаахпыт. Олоҥхону игин кытта сибээстиир букатын сыыһа дии саныыбын. Манчаары спарткаидата хара маҥнайгыттан Манчаары оонньуута диэн ааттамматаҕа, урут Саха автономнай республикатын норуоттарын национальнай көрүҥнэргэ күрэхтэһиигэ спартакиадата диэн этэ. Ону биһиги дьоммут саха оонньуута буоларынан саха национальнай дьоруойа Манчаары аатын сүгүөхтээх диэн 1968 сыллаахха Николай Павлович Корякин-Уран Ньукулай уонна Дмитрий Яковлевич Федотов туруорсары ситиспиттэрэ. Онон Спартакиада арыллыытыгар Манчаарыны ааттаабыт дьон бу бааллар диэн икки дьону чиэстиир, дьоҥҥо-сэргэҕэ, кэлбит ыалдьыттарга, спортсменнарга көрдөрүөх баара. Дьон билиэхтээх, көрүөхтээх маннык сүҥкэн кылааттаах Үөһээ Бүлүү ытык дьонун дии саныыбын», — диэн Уйбаан Чыычаахап этиитигэр үгүс дьон сөбүлэһэн ытыс таһынна.

Манчаары оонньууларыгар сүрүн режиссерунан анаммыт П.А. Ойуунускай аатынан «Саха» академическай тыйаатыр режиссера Руслан Тараховскай, координатор Сардаана Брызгалова, Олоҥхо тыйаатырын директорын солбуйааччы Мария Турантаева, «Эрэл» үҥкүү ансаамбылын салайааччыта, хороеграф, балетмейстер Екатерина Павлова, сценаристар Мая Власьева уонна Зоя Попова, худуоһунньук Екатерина Шапошникова, звукорежиссер Евгений Тазетдинов кыттыыны ыллылар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА