Үөһээ Бүлүүгэ Манчаары Оонньуутун көрсө саҥа тутуулар дьэндэһэллэр

Манчаары оонньууларын көрсө Үөһээ Бүлүү улууһугар араас тутуулар күргүөмнээхтик ыытыллаллар. Сайын устата элбэх үлэ тэрээһиннээхтик барда, асфаллааһыны олохтоох уолаттар кыайа-хото туттулар, тэрилтэлэр иннилэрин тупсарыннылар, биирдиилээн ыаллар олбуордарын саҥардыннылар. Үгүс сатыы сылдьар дьон тротуар оҥоһуллубутуттан олус үөрэллэр, махтаналлар.


Саҥа дьылы саҥа кулуупка көрсүөхпүт

Балаҕан ыйын 16 күнүгэр Манчаары оонньууларын өйүүр фонда специалиһа Георгий Степанов салайааччылаах бөлөх тутулла турар объектары көрдө. Бүлүү эбэ үрдүгэр тутулла турар РДК дьиэтигэр үлэ күөстүү оргуйар. Объегы олохтоох дьон иилээн-саҕалаан ыыттараллар.

РДК объегын маастара Үөһээ Бүлүү төрүт олохтооҕо Афанасий Аммосов :

Бэйэм үрдүк үөрэхтээхпин. Идэбинэн төрөөбүт төрүт дойдубар үлэ булан үлэлии сылдьарбыттан наһаа үөрэбин. Үлэ туһунан этэр буоллахха, былаан быһыытынан итиитэ уонна уотун ситимнэрэ тардыллан, бу сыл ахсынньы ыйыгар бүтэрэн туттарыахтаахпыт. Онон, үүнэр 2017 сылы саҥа кулуупка көрсүөхпүт диэн эрэлим улахан.

Мэҥэ-Хаҥалас Тумул нэһилиэгин ыччата Александр Климовскай:

Атырдьах ыйын 14 күнүттэн үлэлии сылдьабын. Бастаан Нам нэһилиэгэр оскуола теплотрассатын тардыытыгар үлэлээбиппит. Билигин бу саҥа кулуупка сылдьабын: сыбааркалыыбын, болгаркалыыбын, ыйыы-кэрдии да өттүгэр хаалсыбаппын (күлэр). Билигин бу объект барыта тутуллан бүттэҕинэ, итиитин тардыахпыт. Былааммытыгар үс объект баар: Нам оскуолата, бу саҥа кулууп уонна 24 кыбартыыралаах уопсай дьиэ. Онон ахсынньыга дылы үлэ элбэх.

Александр кэпсииринэн, икки Сунтаар, биир Өймөкөөн уолаттарын кытта бииргэ үлэлииллэр.

Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ үс сылынан тутууларынан куоракка маарынныыр буолуоҕа

Киһи үгүстүк сылдьар, хаамар сиригэр кэтэһиилээх тротуары ыраах Таджикистантан биригээдэ уура сылдьар. «Дьон-сэргэ астына-дуоһуйа хаамар сирдэннэ, эһиилги Манчаары оонньууларын кыраһыабайдык көрсөргүт туһугар үлэлиибит!» — диэн үлэһиттэр этэллэр уонна үлэлэрин туһунан сиһилии кэпсииллэр.

Тутааччы Нуралей Сафоев:

Биригээдэҕэ 8-пыт. 1,5 км уһуннаах тротуары уурабыт. Улахан аҥара бүттэ. Биир ый үлэлээтибит. Сарсыарда эрдэттэн киэһэ хойукка диэри. Күҥҥэ 60-70 миэтэрэни барабыт. Хамнас да үчүгэй. Биһиги Үөһээ Бүлүүгэ үлэлээбит уопуттаахпыт, бу саас Билиилээххэ оҕо саадын туппуппут. Олохтоохтор ааһан иһэн хайгыыллар, үтүө дьыаланы оҥоро сылдьаҕыт дииллэр, биһиги онтон эмиэ үөрэбит. Үс сылынан сэлиэнньэ тутууларынан куорат курдук буолуоҕа. 

Оҕо саада дьэндэйдэ

Билиилээххэ 240 миэстэлээх оҕо саада тутуллар. Тутуу сиригэр былырыын туох да суох эбит буоллаҕына, быйыл үһүс этээһигэр тиийэн үлэлии сылдьаллар.

«СахаМодульСтрой» прораба Михаил Березовскай:

— Тутуу былаан быһыытынан баран иһэр. Матырыйааллары тиэйэн аҕалаллар. График быһыытынан 2017 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр объегы туттарыахтаахпыт. Ол гынан баран биһиги ити болдьоҕу кэтэспэккэ эрдэ бүтэрэр санаалаахпыт.

«ДекАРТ» ХЭТ бэрэстэбиитэлэ Ариан Злобин:

— Үлэ үчүгэйдик баран иһэр. Билигин бетоннуур үлэ ыытыллар, үһүс этээһи таҥыы, бүрүйүү. Биригээдэҕэ 17 киһи баар. Уопсай иэнэ 1000 кв.м. Быйыл сүрүн үлэтин бүтэриэхпит. Кыһын ис үлэтигэр турунуохпут. 2017 сыл иккис кыбаарталыгар үлэҕэ киллэриэхтээхпит. Эрдэ бүтэрэ сатыахпыт.

«Эргиен-коммерц» ХЭТ тэрилтэни кытта саҥа оҕо саадыгар алта миэтэрэ үрдүктээх уу емкоһын сыбааркалаан оҥоро сылдьар Иван Ивановы (Үөһээ Бүлүү), Григорий Гаврильевы (Хоро) кытта кэпсэттибит:

Сүүстүү куубтаах икки уу емкоһын оҥорон саҕалаабыппыт иккис нэдиэлэтигэр барда, уонча хонугунан үлэбитин туттарыахпыт. Туох баар наадыйар ууларын бу емкость хааччыйыаҕа.

This post was published on 23.09.2016 09:59 09:59