22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Үөһээ Бүлүүгэ Манчаары оонньууларын тутуулара

16:51, 07 июля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

2017 сылга Үөһээ Бүлүүгэ үбүлүөйдээх Манчаары оонньуулара тэриллэр. Билигин бэлэмнэнии үгэнэ, ордук болҕомто тутууларга ууруллар.


«Дойдуга кириисис бүрүүкээн, былааннаммыт тутуулар үптэрэ-харчылара тыырыллан, сороҕо сотуллан, кылгас кэм хаалбытыгар тутуу үлэтэ, дьэ, саҕаланна. Улуус сайдыытыгар долгутуулаах кэм», — диэтэ улуус баһылыгын солбуйааччы Сергей Кылбанов. 

Манежтаах стадион

Урукку ыһыахтыыр сир – сынньалаҥ паарката — дьаһайыллан, тутуулара көтүрүллэн, хас да массыына буорунан, кумаҕынан тэҥнэннэ. Манна 3000 миэстэлээх чэпчэки атлетикаҕа манежтаах стадион тутуута саҕаланна. Тутуу сыаната 370 мөл. 781 тыһ. 347 солк. тэҥнэһэр. Билиҥҥи кэмҥэ трибуна конструкцията уурулунна, стадион тулатыгар уу киирэр сирин бетонунан хаймыылаан бөҕөргөтүү үлэтэ бүттэ. Тутуунан «Адгезия» ХЭТ дьарыктанар, салайааччылара Михаил Охлопков. Сакаасчыгынан «Саха сирин судаарыстыбаннай сакаас сулууспата» буолар.

Билиҥҥи кэмҥэ былааннааһына бүппүт. Хаачыстыбалаах тутуу матырыйаал тириэрдиллибит. Ону таһынан, уоту тарҕатыы линията, суол нөҥүө ууну аһардар турбалар турдулар.

«Үбү-харчыны көрүү өттүгэр кэккэ кыһалҕалар бааллар.  «Адгезия» ХЭТ быйылгы тутуутугар 90 мөл. солк. харчы көрүллүбүтэ. Биллэн турар, бу отой кыра суума. Тутааччыларбыт быйылгы былааннаммыт үлэттэн өссө элбэҕи оҥорор санаалаахтар. Өссө үп көрүллэригэр үлэ-хамнас бара турар. Улуус баһылыга Владимир Поскачин өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын кытары быйылгы үлэҕэ эбии үп көрүллэрин курдук үлэлэһэ сылдьар. Оччоҕо эрэ эһиил кыра үлэ хаалар кыахтаах», — диэн Сергей Семенович кэпсиир.

Элбэх функциялаах спортивнай саала

Стадион таһыгар 181,40 мөл. солк. сууммалаах элбэх функциялаах спортивнай сааланы «КИНГ-95» тэрилтэ тутар. Быйылгы былаанынан, холлоҕоһо туран бүтүөхтээх. Иккис блогун куттулар, ол кэннэ плитанан сабыахтаахтар. Матырыйаала барыта кэлэн сытар.

Билиилээххэ оҕо саада

«Манчаары оонньууларын» өссө биир улахан тутуутунан 3-с Билиилээххэ 240 миэстэлээх дьыссаат буолар. Саҥа оҕо саадын «СахаАльянсСтрой» ХЭТ (генеральнай директор Артур Данилов) тута сылдьар, үлэтин күүскэ саҕалаата. Саҥа тутуу «АлмаасЭргиэнБаан» тэрилтэнэн кирэдьиит быһыытынан үбүлэнэр. Ол аата, 10 сылы быһа судаарыстыба баан кирэдьиитин бэйэтэ төлүүр.

Олохтоохтор көмөлөөн РДК туталлар

Биэрэк үрдүгэр саҥа технологиянан тутулла турар кулууп дьиэтэ (РДК) 74500 мөл. солк. суумалаах тутуу. «АЛРОСА» дивиденынан тутуллар. Манна олохтоох «Макс» МУТ тэрилтэ бэдэрээччигинэн үлэлиир, сакаасчытынан «Бырамыысыланнас сайдыытын уонна тутуу управлениета» тэрилтэ буолар. Билиҥҥи кэмҥэ үһүс блоктарын куталлара хаалбыт.

Хара маҥнайгыттан РДК тутуутугар олохтоохтор көмөлөөн, биир киһи курдук бииргэ үлэлии сылдьаллар. Ол курдук, «Тутуу матырыйаалын уонна конструкциятын собуота» тэрилтэни үлэлэтэр Скобелевтар дьиэ кэргэн бырайыагы оҥорбуттара. «Баай тиит» тэрилтэ монолиты кутааһыҥҥа үлэлэһэр, үлэһиттэрэ бары олохтоох дьон. Тутууга хаппыт мас тутталлар. «Лесресурс» тэрилтэ бөдөҥ көөбүлү оҥорооһуҥҥа көхтөөхтүк үлэлэһэр. Түннүктэр эмиэ маннааҕы сыахха оҥоһуллан туруоруллуохтаахтар. Күүтүүлээх култуурабыт дьиэтэ бу кыһын үлэҕэ киириэхтээх.

Намҥа оскуола сыбаайалара түһэн бүттүлэр

Кэтэһиилээх оскуола бастакы сыбаайата үөрүүлээх быһыыга-майгыга саас түспүтэ. Мантан ыла күүстээх үлэ саҕаланан, билигин сыбаайа барыта туруорулунна. Сакаасчыт-тутааччынан «Макс» МУТ үлэлиир. Үчүгэйэ диэн, тутууга олохтоох уолаттар үлэлииллэр. Саҥа оскуола аанын 2017 сыл күһүнүгэр тэлэччи арыйыаҕа.

Кэнтиккэ оҕо саада арыллыа

Кэнтик нэһилиэгэр 75 миэстэлээх оҕо саада үлэҕэ киириэр диэри кыра кэм хаалла. Бэдэрээччигинэн «КИНГ-95» ХЭТ үлэлиир. Былаһааккатыгар бетон уурулунна, буор аҕалан кутуохтаахтар. Билигин ис үлэтэ түмүктэнэн эрэр, кырааска, сууйуу үлэтэ хаалла. Манна Кэнтик нэһилиэгин оҕо саадын кэлэктиибэ субуотунньукка тахсан күүскэ көмөлөһөр.

Күүтүүлээх асфальт

Бу күннэргэ алта уулуссаҕа асфальт кутулларын туһунан контракт баттанна. Ол курдук, «Карл Маркс» — 1300 м, «Ленин» — 826 м, «Октябрьская» — 1200 м, «50 лет ЯАССР» — 650 м, «Советская», «Барахов» — 509 м. уулуссаларга асфальт бу сайын ууруллан саҕаланыаҕа. 8 мөл. солк. суумалаах суол оҥоруута – Үөдүгэйгэ, 16 мөл. солк. суумалаах суол оҥоруута – Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр былааннанар. Асфалы олохтоох «Инблавер» тэрилтэ (сал. Иван Николаев) оҥоруохтаах. Үлэҕэ анал үөрэҕи ааспыт олохтоохтор ылсыахтара.

Хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү

Дьокуускай куорат «Спланс» ХЭТ тэрилтэтэ 2014 сыллааҕы сакааһынан үлэлиир, тутуу графигыттан хаалан иһэр. Кинилэр таас дьиэни тута сылдьаллар. Бу дьиэҕэ Ленин аатынан уулусса 6, 12, 14 нүөмэрдээх уопсай дьиэлэр олохтоохторо көһүөхтээхтэр.

Бу бырагыраама 2015 сыллааҕы тутуутун үлэтин «Строймонтажкомплект» ХЭТ И.Н.Барахов аатынан оскуола аттыгар ыыта сылдьар.

Федеральнай суол

«МегаСтрой» тэрилтэ Харбалаах – Чыбыыда учаастагар суолга өрөмүөн ыытар, бүттэҕинэ Ороһу — Нам учаастагар көһүөхтээх. «Хаҥалас суоллара» тэрилтэ Нам — Үөһээ Бүлүү учаастагар асфальт ууруохтаах. Ону тэҥэ «Вилюйавтодор» ААУо күүскэ үлэлиир. Эһиил Тамалакаан – Харбалаах суолун оҥоһуута хаалар. Манчаары оонньууларыгар «Вилюй»тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ, улуус Бочуоттаах олохтооҕо Николай Андреев көмөтө улахан.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА