21 Сэтинньи 21.11
  • -29°
  • $ 100,22
  • 105,81

Үөһээ Бүлүүгэ "Көмүс сүүтүк" түмсүү 10 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтэ

15:05, 23 октября
Текст:
Хаартыска: "Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Көмүс сүүтүктэр» үбүлүөйдээх тэрээһиннэрин чэрчитинэн улуустааҕы история уонна этнография түмэлигэр илиилэригэр талба талааннарын кэпсиир «Өбүгэ үгэһин ситимнээн» диэн быыстапкалара турда.

Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар улуус салалтатын аатыттан эҕэрдэ тылы улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Анна Уларова эттэ. Ону тэҥэ Норуот айымньытын киинин уус-уран салайааччыта Светлана Аммосова, үбүлүөйдээх «Көмүс сүүтүк» түмсүү салайааччыта Елена Петрова, түмэл дириэктэрэ Изабелла Саввинова, Үөһээ Бүлүү улууһун уопсастыбаннай түмсүүлэрин салайааччыта Ирина Потапова эҕэрдэ, махтал тылларын анаатылар.

Быыстапкаҕа түмэллэри кэрийэн үөрэтии түмүгэр ХIХ үйэҕэ өбүгэлэрбит таҥныбыт, хаттык, тас таҥастан саҕалаан атах таҥаһыгар тиийэ, төрүт сахалыы ииһинэн тигиллибит таҥастарын, ат симэхтэрин сөргүтэн оҥорбуттарын көрүөххүт.

10 сыл анараа өттүгэр төрүт ииһинэн дьарыктанар баҕалаах бэрт аҕыйах далбар хотун түмсэн иистэнэн саҕалаабыт эбит буоллаҕына, билигин номнуо 18 ыал ийэтэ, эбэтэ, хос эбэтэ буолан илиилэрин сылааһын, сүрэхтэрин баҕатын ууран туран өбүгэлэрбит таҥастарын-саптарын сөргүтэр сүдү суолталаах үлэни сэмээр тэрийэ сылдьаллар.

Быыстапкаҕа биир ураты миэстэни түмсүү чилиэнэ, «Дойдум тыына» иистэнэр сыах салайааччыта Васма Васильева байыаннай дьайыыга сулууспалыыр байыастарга аналлаах 10 көрүҥ таҥаһа ылла.

Быыстапка улуустааҕы история уонна этнография түмэлигэр сэтинньи 3 күнүгэр диэри туруоҕа, суруйда «Үөһээ Бүлүү» хаһыат

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА