Үөһээ Бүлүүгэ көҥүл тустуу олус үрдүктүк тутуллар. Онно тустууктар ситиһиилэрэ олук буолар. Бииртэн биир кыайыы өссө үрдүккэ сирдиир.
Бэрт соторутааҕыта көҥүл тустууга Үөһээ Бүлүүтэн төрүттээх Россия спордун маастара Ньургун Александров Дьокуускайга ыытыллыбыт Дмитрий Петрович Коркин аатынан норуоттар икки ардыларынааҕы көҥүл тустуу турнирыгар Гран-при кыайыылааҕа буолбут сураҕа Саха сирин бүтүннүүтүн тилийэ сүүрбүтэ. Ол кэннэ, эмиэ бэйэбит уолбут, Далыр нэһилиэгиттэн төрүттээх, көҥүл тустууга спорт маастара Тимур Николаев Индия Пума куоратын мэрин бирииһигэр ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы турнир кыайыылааҕа буолла диэн өссө биир үчүгэй сонуну киэн тутта истибиппит. Өссө биир кыайыыны биһиэхэ Польша курдук ыраах дойдуттан хапсаҕайга спорт маастара Николай Григорьев көҥүл тустууга аан дойду чемпионатыгар бэтэрээннэргэ ыйааһыныгар уон киһиттэн бочуоттаах үһүс миэстэни ылан дойдутугар кэлбитэ.
Ньургун Александров Россия спордун маастара, оҕолорго Россия чемпиона, Польшаҕа ыытыллыбыт норуоттар ики ардыларынааҕы көҥүл тустууга турнир кыттыылааҕа. Кини аан дойду кылаастаах спорт маастара, Атланта куоракка ыытыллыбыт Олимпийскай оонньуу кыттыылааҕа, спорт үрдүкү оскуолатын уһуйааччыта Артур Дмитриевич Федоровка дьарыктанар. Онтон Тимур Николаев Россия маастара, Уһук-илиҥҥи федеральнай уокурук чемпиона, Азия оҕолоро аан дойдутааҕы спортивнай оонньуулар хапсаҕайга хас да төгүллээх призера, кини ССРС спордун маастара, РФ үөрэҕириитин, СР физкультураҕа уонна спортка туйгуна, норуоттар икки ардыларынааҕы категориялаах судьуйа Николай Романович Крыловка, итиэннэ СР көҥүл тустууга холбоһуктаах хамаандатын сүрүн тренерэ, СР үөрэҕириитин, СР физкультураҕа уонна спортка туйгуна Владимир Николаевич Кириллиҥҥэ дьарыктанар.
Тустууктары үөһээ бүлүүлэр чиэстээтибит. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга улуус баһылыга Владимир Поскачин эҕэрдэ тылы кытта тустууктарга иккиэннэригэр 50-нуу, Николай Титовичка 10 тыһыынча харчыны, Дүллүкү уонна Исиидэр Бараахап аатынан орто оскуолалара, оҕо спортивнай оскуолата, Нам, Тамалакаан, Балаҕаннаах, Далыр, Оҥхой нэһилиэктэрин баһылыктара, үөрэх управлениетын начальнига Александр Поскачин, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ МТ баһылыга Николай Николаев харчынан бириэмийэ туттардылар. Итиэннэ Харбалаах нэһилиэгин аҕа баһылыга Илья Кузьмин Ньургун Александровка саа бэлэхтээн тэрээһини ордук киэргэттэ. Спорт управление начальнига Егор Николаев эдэр тустууктарга 20-лии, бэтэрээҥҥэ 10, тренэрдэригэр 10-нуу тыһыынча харчы сертификатын туттарда.
Спорт бэтэрээнэ Николай Корякин-Уран Ньукулай:
— Уолаттар улахан кыайыыларын истэн, бэйэлэрин уонна тренердэрин, төрөппүттэрин кытта илии тутуһан олус үөрдүм. Мин 1966 сыллаахха көҥүл тустууга Сэбиэскэй сойуус спордун маастара буолбутум. 50 сыл түмүгэр биһиги уолаттарбыт аан дойду таһымыгар таҕыстылар. Тимурдаах Ньургун салгыы маннык дьарыктанан, аан дойду кылаастаах спорт мастарыгар тиийэ үүнүөхтэрэ диэн эрэлбин биллэрэбин.
Ньургун Александров тренерэ Артур Федоров:
— Үөһээ Бүлүүлэр чахчы олус түмсүүлээххитин урут да истэрим, билигин илэ көрөн-истэн олус долгуйдум. Уолаттары маннык бары түмсэн чиэстээбиккит олус хайҕаллаах, бу мантан кынаттаныахтара, өссө да кыайыы кэһиилээх дойдуларыгар кэлиэхтэрэ.
Тимур Николаев тренерэ Николай Крылов:
— Тимур миэхэ Дьокуускай куоракка 2-с кылаастан дьарыктаммыта. Уолу көрөөт наһаа хачаайы, бэйэтин сааһыгар кыра уҥуохтаах дии санаабытым. Оскуолаҕа биир сыл эрдэ киирбит буолан, олох да бастакы кылаас оҕото буоларын кэлин билбитим. Кыратыттан дьарыкка наһаа баҕалаах, үлэһит сүрэхтээх, дьулуурдаах, үөрэҕэр кыахтаах буолааччы. Онон барытын ситиспитэ. Айылҕаттан талааннаах уол элбэҕи ситиһэн барбыта, 4 сыл Москва куоракка дьарыктаммыппыт. Ыарахаттар бааллара, ол да буоллар Тимур хаһан да бэриммэтэҕэ. Ол иһин маннык ситиһии кэллэ дии саныыбын. Тус санаабар бэйэтин сааһыгар үрдүк ситиһиини оҥордо. Төрөөбүт дойдута, дьоно-сэргэтэ киниэхэ өй-санаа күүс-уох өттүнэн эргиччи сайдарга кыах биэриэҕэ.