Үөһээ Бүлүүгэ бу сыл бүтүөр диэри өссө биир элбэх кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киллэриллиэ

Хаартыска: Валерий Николаев ТГ-ханаала

Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр «Хаарбах дьиэттэн көһөрүү» бырагырааманан элбэх кыбартыыралаах икки дьиэ үлэҕэ киллэриллэн, олохтоохтор күлүүстэрин туппуттара.

Улуус киинигэр өссө биир элбэх кыбартыыралаах дьиэ Интернациональнай уулуссаҕа тутулла турар.

— «Хаарбах дьиэттэн көһөрүү» бырагыраама чэрчитинэн тутуллар саҥа дьиэ күлүүстэрин сотору кэминэн хаарбах дьиэттэн көһөөччүлэр тутуохтара. Бу дьиэҕэ эбии 2 кыбартыыраны улуус суотугар исписэлиистэргэ анаан ылыахтаахпыт.

Билиҥҥи туругунан тас фасадын уонна ис үлэтин оҥорууга үлэ бара турар.

Быйыл улуус суотугар уопсайа 4 кыбартыыраны ылабыт. Манна учууталлар, быраастар, тустаах исписэлиистэр олоруохтара.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин тутуутун министиэристибэтэ ыытар куонкуруһугар эһиил өссө ситиһиилээхтик кыттан маннык служебнай кыбартыыралары улуус үрдүнэн элбэтэр былааннаахпыт, — диэн улуус баһылыга Валерий Николаев телеграмҥа суруйда.

Саха сирэ

This post was published on 13.09.2024 10:21 10:21