22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Үөһээ Бүлүүгэ "Билиилээх" түөлбэҕэ уопсастыбаннай үлэни сөргүтэллэр

16:40, 28 июля 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

От ыйын 26 күнүгэр «Билиилээх» территориятыгар олорор ыаллар түмсэн, түөлбэ үлэтин сөргүтэр туһунан кэпсэтии тэрийдилэр. «Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ» МТ дьаһалтатын түөлбэлэри кытары үлэлиир исписэлиис Людмила Абрахова кэлэн, түөлбэни сокуон өттүнэн сөптөөхтүк тэрийии туһунан кэпсээтэ.


Сэлиэнньэ дьаһалтата Н.Егоров аатынан уулуссаҕа турар икки учаастагы кэмнээн биэрбитин туһунан үөрүүлээх сонуну олохтоохторго Наталья Васильева иһитиннэрдэ. Түөлбэҕэ бэриллибит сири алаадьынан аһатта, алҕаата. Санатар буоллахха, 2000 сылларга түөлбэлэр икки ардыларыгар тэриллибит күрэхтэһиигэ урукку «Билиилээх» түөлбэ бастаабытын иһин оҕо оонньуур былаһааккатыгар аналлаах сири биэрэр туһунан этиллибит. Онтон ыһыллыы-тоҕуллуу тахсан, ол учаастак баара умнулла быһыытыйан, кэлиҥҥи сылларга чааһынай ыалларга уһаайба быһыытынан быһыллан бэриллэн хаалбыт. Онтон бу быйыл, чуолаан улууска «Түөлбэни сайыннарыы уонна дьон көҕүн сыла» биллэриллибитин кэннэ олохтоохтор саҥалыы көрүүлэнэн, оҕолорго аналлаах сири тэрийэр туһуттан анаммыт учаастагы туруорсан ылбыттара улахан ситиһии буолла.

«Хас да ыйы мэлдьи туруорсан, сүүрэн-көтөн сирбитин ыллыбыт. Билигин күргүөмнээхтик, олохтоохтор бары түмсэн, үлэлиэхпит. Наталья Матвеевна сиэнин кытары оҥорбут бырайыактарыгар олоҕуран оҥоһуллуохтаах оҕо сынньалаҥар аналлаах сири тутан таһаарарга бары бэлэммит», — диэн түөлбэ олохтооҕо Елизавета Алексеева санаатын үллэстэр.

Бу күннэргэ саҥа тэриллэр түөлбэ кыраныыссалаһар уулуссаларынан анаммыт дьон ыаллары испииһэктээн төһө киһи олороро учуоттана турар. Хас биирдии ыал 1-дии тыһыынча солкуобайы түөлбэ туһатыгар диэн биэрэрдии сөбүлэһэн олороллор. Түөлбэ тэриллэр докумуона оҥоһуллуор диэри эриэ-дэхси учаастагы тэҥниир буор-кумах хара үлэтин нэдиэлэ бүтэһик күннэриттэн саҕалыырдыы былааннаатылар. Суол быһа охсуһуутугар бэриллибит уулаах учаастагы туһанан фонтан оҥорор баҕалаахтар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА