Үөһээ Бүлүүгэ биэрэги бөҕөргөтөр үлэлэри 2024 сылга диэри бүтэрэр былааннаахтар

Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр биэрэги бөҕөргөтүүгэ улахан кээмэйдээх үлэ толорулунна. Россия айылҕа ресурсаларыгар министерствота бу тутууга үбүлээһини аныыр туһунан быһаарыыны ылынна, диэн Саха сирин баһылыга Айсен Николаев Үөһээ Бүлүү оройуонугар кэлэ сылдьан иһитиннэрдэ.

«Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр биэрэк сууллан, билигин олорор дьиэлэргэ уонна хас да социальнай эбийиэккэ кутталы үөскэтэр. Билигин бөҕөргөтүүгэ элбэх үлэ ыытылынна, ити эрээри уу таһымнаан быстах кэмҥэ үлэ тохтотулунна», — диэн эбэн эттэ регион баһылыга.

Николаев маны сэргэ республика экологияҕа министерствотын уонна бэдэрээтчиттэрин кытта үөһээ бүлүүлэри долгутар кыһалҕа 2024 сылга толору быһаарылларын туһунан эттэ.

This post was published on 31.08.2022 10:33 10:33