Үөһээ Бүлүүгэ баһаарынай чааска «Үтүө өйдөбүл» скверин арыйдылар

Үөһээ Бүлүү оройуонугар баһаарынай харабыл Ис дьыала отделын иһинэн депутаттар Сэбиэттэринэн 1959 сыллаахха тэриллибитэ. 99 үлэһиттээх кэлэктииби Виктор Новиков салайар.


Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр киириигэ суол кытыытыгар саҥа баһаарынай депо тутуллан, үлэлээн эрэр. Тэрилтэ территорията хайдах көстүүлээҕэ салайааччыттан быһаччы тутулуктаах. Билигин баһаарынайдар Манчаары үбүлүөйдээх Оонньуутун көрсө тэтимнээхтик бэлэмнэнэллэр. Маныаха анаан балаҕан ыйын 9 күнүгэр баһаарынай сулууспа бэтэрээннэригэр, үлэлээн ааспыт дьонугар аналлаах «Үтүө өйдөбүл» скверин үөрүүлээхтик арыйыы тэрээһинэ буолан ааста.

Бэлиэ тэрээһиҥҥэ СӨ нэһилиэнньэтин олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хонтуруоллуур судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Юрий Зайцев ыалдьыттаата. «Бу бэтэрээннэргэ ананан арыллыбыт сквер – өр сылларга ыччат сүрэҕэр илдьэ сылдьар историята. Бэлиэтээн этиэххэ наада, баһаарынайдар күүстэринэн баһаар тахсыыта аҕыйыыр, үлэ хаачыстыбата тупсарыллар. Барыгытыгар дьолу баҕарабын», – диэтэ кини.

СӨ судаарыстыбаннай баһаарынай сулууспатын начальнигынан саҥа анаммыт Николай Иванов: «Үөһээ Бүлүүлэр сквер оҥорбуттара кэскиллэрин туоһулуур. Биир сиргэ олорбокко үлэлээн-хамсаан, материальнай базаларын хаҥаталлар, баһаарынай сулууспаҕа үлэлээн ааспыт бэтэрээннэрин, урукку коллегаларын санаан анал сквер оҥорбуттара чиэс уонна бочуот буолар. Салайааччы быһыытынан үлэһиттэрбинэн киэн туттабын. Атын улуустарга маннык быһыылаах сквердэри оҥоруохтара диэн эрэнэбин».

Улуус дьаһалтатын аатыттан эҕэрдэ тыллаах улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Андрей Неустроев ыалдьыттаата.

Сквергэ бастакы, илиинэн хачайдаан ууну ыстарар насоһу чөлүгэр түһэрэн туруорбуттар, былаһаакка ортотугар салайааччы Виктор Константинович бэйэтин аатыттан кэлэр көлүөнэҕэ кэс тылын үйэтиппит суруктаах сымара тааһа ураты көстүүнү биэрэр. «Бу сквер баһаарынай чааска үлэлээн ааспыт кырдьаҕастар, ытыктыыр дьоммут үтүө сүбэлэринэн оҥоһулунна. Тус састаап үлэлээбититтэн бары да астынныбыт. Бүлүү эбэ түбэтиттэн ылыллыбыт мэҥэ тааһым үйэ тухары туруо диэммин кэс тылбыт суруйан уурдум», — диэн Виктор Константинович кэпсээтэ.

Истиэндэҕэ баһаарынай сулууспа бэтэрээннэрэ, баһаарга үлэлээбит дьоруойдар, тэрилтэҕэ үлэлээн ааспыт дьон мөссүөннэрэ үйэтитиллэн, баай историялаах тэрилтэ олоҕо ырылыччы көстөр. Ол курдук, улууспут баһылыга Владимир Поскачин үс сыл устата, Оҥхой нэһилиэгин баһылыга Герман Отов уо.д.а. улуус биллэр-көстөр дьоно-сэргэтэ баһаарынай чааска үлэлээн ааспыттарын бу сквер кэпсиир. Оскуола оҕолоро – кэнчээри ыччаттарбыт экскурсияҕа сылдьан элбэҕи билиэхтэрэ-көрүөхтэрэ диэн, кэлбит ыалдьыкка тэрилтэ туһунан киэн тутта кэпсиир, олоҕун, үлэтин көрдөрөр сквердэммиттэриттэн үлэһиттэр да, салайааччылар да астынан-дуоһуйан тарҕастылар.

This post was published on 20.09.2016 10:07 10:07