Ил Дархан Айсен Николаев Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгин гидротэхиниичэскэй тутууларын бэлэмнэрин бэрэбиэркэлээтэ. Биэрэги бөҕөргөтүүгэ тутуу үлэлэрэ 100% толорулуннулар.
Эбийиэк бүтэһиктээхтик күһүн тутарыллара былааннаахтар. Билигин уу таһыма түстэҕинэ итэҕэстэри уонна инникитин туоратарга бэрэбиэркэ тэрээһиннэрин ыытыахтара. Итэҕэстэр булуллан, кылгас болдьох иһинэн туоратыллыахтара.
«Дамбаны тутуу-Үөһээ Бүлүү олохтоохторугар олус улахан суолталаах боппуруос. Кэнники уон сылга өрүс биэрэгэ нэһилиэнньэлээх пуун диэки улаханнык чугуйбута көстөр. Бөһүөлэк ытык аҕам саастаахтара кэпсииллэринэн, ааспыт үйэ 90-с сылларыттан өрүс биэрэгэ 60 миэтэрэ барбыт. Чааһынай дьиэлэргэ уонна социальнай эбийиэктэргэ кутталы үөскэтэр. Үчүгэй үлэни, сакаасчыты, бэдэрээччиттэри бэлиэтиэхпин баҕарабын. Бу эбийиэк тутулуннаҕына билигин баар кыһалҕа кэлиҥҥи сылларга хаалыаҕа», — диэтэ Айсен Николаев.
Биэрэги бөҕөргөтөр тутуулар уһуна 2 856 погоннай миэтэрэ, үрдүгэ 12,8 миэтэрэ этэ. Учаастакка барыта 118 тыһ. куб кумах, 26 тыһ. тахса куб кумах-гравий булкааһа, 28 тыһыынчаттан тахса таас , 66,2 тыһ кв. миэтэрэ иэннээх сиргэ геоспан тутуу матырыйаала аҕалыллыбыта.
Үбүлээһин Российскай Федерация «Воспроизводство и использование природных ресурсов» судаарыстыбаннай бырагырааматынан олоххо киирбитэ.Эбийиэк 902 мөл. солк. суума үбүлээһинтэн 733 мөл. солк. федеральнай бүддьүөттэн, хаалбыт өттө өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн киирбитэ. Инникитин Үөһээ Дьааҥы уонна Нам улуустарыгар гидротэхиниичэскэй тутуулары ыытыы былааннанар, суруйда Саха сирэ саайт.
This post was published on 24.06.2024 11:06 11:06