Үөһээ Бүлүү улууһугар тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан 5945 биэнсийэлээх олорор. Ааспыт сылга уопсайа 598 саҥа биэнсийэ ананна.
Ол иһиттэн страховой биэнсийэ 447 киһиэхэ уонна 151 судаарыстыбаттан социальнай биэнсийэ төлөнөр. Биэнсийэлээхтэр 40,2%-нара үлэлээх, оттон Россияҕа бу көрдөрүү 39%-ҥа тэҥнэһэр диэн статистика көрдөрөр.
Үөһээ Бүлүүтээҕи пенсионнай фонда управлениетын начальнига Валерий Иванов иһитиннэрбитинэн, улууска биэнсийэ орто кээмэйэ 15 тыһ. 972 солк. 13 харчыга тэҥнэһэр. Бу өрөспүүбүлүкэ орто көрдөрүүтүттэн улахан диэн салайааччы бэлиэтиир.
«5945 биэнсийэлээхтэн страховой биэнсийэни ылааччы 4682 киһи, кинилэр биэнсийэлэрин кээмэйэ 17 тыһ. 424 солк. 49 харчыга тэҥнэһэр. Оттон сааһынан тахсыбыт биэнсийэлээх 4089 киһи, биэнсийэлэрин кээмэйэ 18 тыһ. 388 солк. 03 харчы. Инбэлиитинэн 328 киһи биэнсийэ анатан олорор. Иитэр-аһатар киһитин сүтэрбитинэн 265 киһи биэнсийэ ылар. Ону таһынан социальнай биэнсийэлээх 1263 киһи баар», — диэтэ кини.
Үлэлээбэт биэнсийэлээх икки сылга биирдэ сынньана барар миэстэтигэр диэри төлөбүрүнэн туһанар. Сыл аайы айан ороскуотун төлөбүрүнэн туһанар биэнсийэлээхтэр элбээн иһэллэрэ бэлиэтэммит.
This post was published on 23.03.2016 11:58 11:58