Улууска быйылгы сылга 24 тыһ. тонна от былаана тиэрдиллэн турар. От ыйын 28 күнүнээҕи туругунан 1618 тонна от бэлэмнэммит, бу былаан 6,7 % тэҥнэспитэ.
Нэһилиэктэртэн инники күөҥҥэ Маҥаас (16,1%), Боотулуу (10,7%), Далыр (10,2%), Кэнтик (10%) тахсан иһэллэр. Былаантан хаалар иһэр нэһилиэктэринэн Туобуйа (3%), Быракаан (3,2%), Тамалакаан (3,5%), Ороһу (3,6%), Кырыкый (4,1%), Харбалаах (4,1%) буолаллар. Былырыын от ыйын 28 күнүнээҕи көрдөрүүтүнэн 1752 т. бэлэмнэммит, ол эбэтэр быйылгы былаан 134 т. аҕыйаҕынан туолан иһэрэ бэлиэтэммит.
Бу күннээҕи туругунан окко уопсайа 2659 киһи үлэлии тахсыбыт эбит буоллаҕына, атырдьах ыйын 1 күнүгэр номнуо 2909 киһи уонна 739 техника ходуһаҕа киирбит. “5643 га иэннээх сиртэн 3150 тонна от охсулунна, 3150 т. от кээһилиннэ. Бу уопсай сыллааҕы былаантан 13,1 % тэҥнэһэр көрдөрүү” — диэн тыа хаһаайыстыбатын департаменын специалиһа Алексей Саввинов кэпсээтэ.
Үөдүгэй нэһилиэгиттэн уонна Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтиттэн ураты атын нэһилиэктэр кыстыыр оту бэлэмниирдии былаанныыллар. Уопсайа 20,742 т. от бэлэмнэнэн былаан 82 % туолуутугар тэҥнэһиэҕэ уонна онно эбии 1032,5 тонна кур от хаалбыт буолан кыстыыр от баар буолуоҕа диэн Тыа хаһаайыстыбатын департаменын исписэлиистэрэ сабаҕалыыллар.
This post was published on 01.08.2016 17:33 17:33