23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Үөһээ Бүлүү асчыта биисинэскэ туруоруммут сыалы толоруу соруктарын кэпсээтэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Николаева Анна Васильевна Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгэр «индивидуальнай предприниматель» статуһун ылан, бурдук аһын буһарар, онтун атыылыыр. Кини бизнеһэ туохтан-хайдах саҕаламмытын, саҥа саҕалыырыгар ханнык ыарахаттары көрсүбүтүн уонна инники былааннарын кэпсээтэ. Ол туһунан «Мой бизнес» киин СИА-ҕа суруйда.

Аня, бэйэҥ тускунан билиһиннэр.

Мин аатым Николаева Анна Васильевна диэн. Үөһээ Бүлүү улууһугар Агаевтар дьиэ кэргэттэригэр бастакы оҕонон күн сирин көрбүтүм. Исидор Никифорович Барахов аатынан бастакы нүөмэрдээх орто оскуоланы 2001 сыллаахха үөрэнэн бүтэрбитим. Оҕо эрдэхпиттэн ырыаны-тойугу сэҥээрэр этим, араас күрэхтэргэ кыттан миэстэлээһиччибин. Онон салайтаран төрүт култуура үөрэҕэ баарын истэммин, Бүлүү педагогическай коллеһыгар туттарсан киирбитим. Үс сыл үөрэнэн культуролог уонна фольклор идэтин баһылаабытым. Онтон дьүөгэм Оҥхой нэһилиэгэр кулуубка директор миэстэтэ таҕыста диэн, онно ыҥырбыта. Уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка тутатына сөбүлэҥмин биэрбитим. Онно тиийэн үлэ үөһүгэр умса түспүтүм. Ол сылдьан олоҕум аҥарын көрсөн ыал буолбуппут. Бастакы оҕобун хат сылдьан, Үөһээ Бүлүүгэ бэйэтигэр дьиэ ылынан, туспа көһөн киирэргэ санаммыппыт. Билигин икки оҕолоохпут, кыыспыт 10 кылааска, уолбут 6 кылааска үөрэнэллэр.

Бэйэҥ дьарыктаах буолуу туһунан хантан билэн биисинэскэ ылсарга быһаарыммыккыный?

Билигин биһиги улууспутугар киэҥник биллэр урбаанньыт Григорьева Сардаана Александровна оччолорго 2015 сыллаахха «Анастасия» вагончик арыммыта. Ол кэмҥэ оройуоҥҥа биир бастакы саҕалааһын буолбута, фастфуд араас көрүҥэ, буспут куурусса, шашлык уо.д.а. атыыланар этэ. Онно мин атыыһытынан киирэн үлэлээбитим. Барытын бэйэбит оҥорон, астаан атыылыыр этибит. Ол үлэлии сылдьан бэйэм күөрчэх, халадьыас оҥорон кыралаан атыылыырым. Онон бэйэбэр эбии дохуот киллэрэрим. Бу үлэлии сылдьан дьон-сэргэ майгытын-сигилитин, ордук тугу сөбүлээн сииллэрин, тугу ылалларын билбитим. Ордук туохха болҕомтолорун ууралларын бэлиэтии көрбүтүм. Кэлин дьон бэйэтэ «Тоҕо туһунан барбаккыный» диэн этээччилэр уонна сүбэлээччилэр. Биир сиргэ тохтобула суох 7 сыл үлэлээбитим. Онтон ыалдьан олорбутум, үргүччү уурайарга санаммытым. Тоҕо диэтэххэ, дьиэбэр хара сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри көстүбэт этим. Билиҥҥи кэмҥэ улаатан эрэр оҕолорго ордук ийэ болҕомтото, көрүүтэ-истиитэ наадалааҕын өйдөөбүтүм. Онон дьиэ кэргэммэр ордук чугас буолаарыбын сүбэлэһэн бараммыт, «Семейная кухня» диэн социальнай ситиминэн бөлөх арыйбытым. Манна бурдук ас арааһын, күөрчэх, халадьыас, көбүөр, быырпах, ону таһынан бэйэм хомуйбут отоммунан барыанньалаан атыылыырым. Дьон билэн бэйэтэ сакаастыыр буолбута, бу курдук клиеннэрбит көстөн барбыттара. Кэлин өссө сайдаарыбын, Үөһээ Бүлүү улууһун “Мин биисинэһим” киин салайааччытыгар Екатерина Васильевна Николаеваҕа киирэн, саҥа саҕалааччы дьоҥҥо туох эмит көмө баар дуо диэн ыйыппытым. Сүрдээх истиҥник көрсөн кэпсэппиппит, сүбэ-ама биэрбитэ. Онтон кэлин социальнай хантараакка докумуон хомуйсан, бизнес-былаан суруйан көмүскүүрбэр сүбэлээбитэ. Бизнес-былааммын көмүскээн, 250 000 солкуобай суумалаах көмө ылан үөрүүм муҥура суох этэ. Туох баар наадалаах тэрилбин, иһитигэр-хомуоһугар тиийэ ылбытым. Кэргэним туспа үлэлиирбэр аналлаах миэстэ оҥорон, үлэлиир-хамсыыр усулуобуйабын тэрийбитэ.

Тоҕо ас астыырга ылыстыҥ?

Оҕо эрдэхпиттэн ийэм астыырын, тугу гынарын барытын кэтээн, көрөр-истэр этим. Ийэм консервация, бурдук ас арааһын астаан күндүлээччи. Мэлдьи сандалыбыт толору астаах буолара. Баҕар онтон да сиэттэрэн аска сыстыбыт буолуохпун сөп.

Билигин бэйэм ордук сахалыы уонна бурдук астарын сэҥээрэн астыыбын. Ол курдук, бэрэски, хачыгырас баахыла, торт, десерт, иһигэр начинкалаах эриэхэ, чак-чак, пицца, фастфуд арааһын оҥоробун. Онтон сахалыы астан күөрчэх, көбүөр, быырпах, халадьыас, эриллибит сылгы этэ атыылыыбын.

Холобур оҥостор киһилээххин дуо?

Бу эйгэҕэ үлэлиирбэр хара маҥнайгыттан сүбэлээбит, көмөлөспүт, тумус туттар киһим Сардаана Александровна Григорьева буолар.  Кини билигин өссө кэҥээн улууспутугар биир бастыҥ «Лофт» кафе хаһаайката. Оҕо-аймах, эдэр ыччат ордук сөбүлээн сылдьар сирэ.

Бизнескэ туох ыарахаттар баалларый?

Бастаан саҕалыырбар бэйэм анал ас астыыр миэстэм суоҕа куһаҕан этэ. Биллэн турар саҥа саҕалыыр киһиэхэ харчы, кэлии-барыы, транспорт өттүнэн үгүс ыарахаттар бааллар. Күннээҕи оҥорбут харчыбын уурунан, мунньан-тараан бородууктабын ылар этим. Билигин даҕаны бу кыһалҕалар көстөллөр. Ол эрэн үлэлииргэ-хамсыырга санаам күүстээх, бу кэккэ ыарахаттар кыралаан быһаарыллыахтара диэн эрэнэбин. Саамай сүрүнэ олорон хаалбакка үлэлиэххэ эрэ наада.

Инники былааннарыҥ?

Оҥорон таһаарар бородууксуйабын киэҥ эйгэҕэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ таһаарар сыаллаахпын. Ол курдук, бэйэм туспа миэстэ ылан үлэлэтиэхпин баҕарабын. Инникитин маҕаһыыннарынан бородууксуйабын туттаран атыылатар былааннаахпын. Бу баҕа санаам олоххо киириэ диэн эрэнэбин.

Мин таспар мэлдьи өйүүр, көмөлөһөр, сүбэ-ама буолар дьонноохпун. Кинилэргэ түгэнинэн туһанан махтал тылбын тиэрдэбин. Ол курдук, кэргэммэр, оҕолорбор, ийэбэр, бырааппар махталым муҥура суох. Маны тэҥэ Үөһээ Бүлүү улууһун “Мин биисинэһим” киин салайааччытыгар Екатерина Васильевна Николаеваҕа, Сардаана Александровна Григорьеваҕа, дьүөгэлэрбэр Мария Александровна Адамоваҕа уонна Васитома Васильевна Васильеваҕа.

Күндү ааҕааччылар, эһиги бэйэҕит саҕалаары гыммыт дьыалаҕытын туохтан да иҥнэн-толлон турбакка олоххо киллэрэргитигэр дьулуһуҥ. Ким баҕалаах, ким кыахтаах, туруоруммут сыалын ситиһэр диэн санааҕа кэллим.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА