Эдьиийдии-балыс кыргыттар Бүлүү дьыссааттарыгар хаар оҥоһуктары туруордулар

Хаартыска: Олох суола хаһыат

2024 сыл бэлиэтин, саҥа дьыллааҕы персонажтары, мультфильмнар геройдарын Бүлүүгэ оҥордулар.

Улахан хаар оҥоһуктар эдэр кыргыттар илиилэринэн айыллан таҕыстылар. Эдьиийдии-балыс Виктория Евсеева уонна Парасковья Афанасьева хас кыһын аайы бэйэлэрин айымньыларынан олохтоохтору үөрдэллэр.

Хаартыска: Олох суола хаһыат

Быйыл дьыссааттар тиэргэннэрин киэргэттилэр, оҕолор үөрүүлэрэ үгүс, суруйда @oloxsuola

This post was published on 14.12.2023 14:33 14:33