Эдьиий Дора: Үчүгэйи эрэ ыраланыахха, саллар диэни быраҕыахха

Бу күннэргэ Эдьиий Дуора аатыттан социальнай ситимҥэ, чуолаан, батсаап нөҥүө бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн миитиҥҥэ ыҥырар хабааннаах иһитиннэрии, ыҥырыы сурук тарҕанна, диэн иһитиннэрэр НВК «Саха» ханаала.


Федора Иннокентьевна НВК «Саха» ханаалынан ол тарҕаммыт иһитиннэриигэ харда тылы эттэ.

«Ити барыта сүөргү уонна сымыйа. Мин кими да, ханна да ыҥырбатаҕым. Отой итиннигинэн дьарыгырбат киһибин. Итиннигинэн үлүһүйэр, дьарыктанар кэм буолбатах. Хас биирдии саха киһитигэр дьиҥнээх бодо кэмэ дьэ кэллэ. Киһи киһиэхэ наадыйар кэмэ дьэ кэллэ. Уруккулуу олорон бүттүбүт. Билигин тыл, кумааҕы сэриитэ буола турар. Кэмэ итинник. Быыһык кэм. Барыга бары харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахтаахпыт, бэйэ бодотун тардынан. Манныкка киирэн биэриэ суохтаахпыт», — диэн Эдьиий Дора эттэ.

Ону таһынан, «Саха итэҕэлэ» биэриигэ Эдьиий Дора саха дьонугар сүбэлиир:

— Убаастабыл, ытыктабыл баар буолуохтаах. Барыны барытын атын хараҕынан көрүөхтээхпит, киһи быһыытынан уларыйаргытыгар баҕарабын. Олоххо ыксаамаҥ, сирдээҕи олоҕунан олороргутугар ыҥырабын. Киһи киһиэхэ санаатын аһаҕастык этэр кэмэ кэллэ. Үчүгэй уонна куһаҕан тэҥҥэ арыаллаһа сылдьар, үчүгэй кыайыахтаах. Хас биирдии киһи үчүгэйи ыраланыахтаах. Мин көрүүбэр маннык суулаһан олорорбут биэс эрэ сыл хаалла. Саҥалыы тэринэн олоруохпутун наада. Онтон-мантан куттанымаҥ, куһаҕаны биттэнимэҥ. Тэрилтэ иһигэр ил олох, дьиэ кэргэҥҥэ эйэ баар буолуохтаах.

This post was published on 29.10.2019 17:00 17:00