Эдьигээттэр бу ый бүтүүтэ окко былааннарын толоруохтара

Атырдьах ыйын 1 күнүгэр Эдьигээн улууһугар окко былаан 81% туолбут. Улуус дьаһалтата иһитиннэрбитинэн, быйылгы дьылга окко былаан 130 туонна.


Атырдьах ыйын 1 күнүгэр Эдьигээн улууһугар 105 туонна от бэлэмнэммит. Бу былаантан 81%. Улуус хаһаайыстыбалара бу ый 25 чыыһылатыгар окко былааннарын толоруохтара диэтилэр улуус дьаһалтатыгар.

Билигин улуус түөрт нэһилиэгэр аҕыс хаһаайыстыба сүөһү тутар. Барыта 88 төбө баарыттан ыанньыга 32.

This post was published on 11.08.2020 16:01 16:01