Эдьигээн улууһун баһылыга Василий Сорокин ВОЛС кэлиитин туһунан кэпсээтэ

Фото: Мария Васильева, ЯСИА

Эдьигээн улууһугар сэтинньигэ — ахсынньыга волоконно-оптическай сибээс линиятын тардыахтара, «Синергия Арктики» бырайыагынан. Маннык сорудаҕы ыам ыйын 17 күнүгэр бырабыыталыстыбаҕа Айсен Николаев биэрдэ.

Оройуон баһылыга Василий Сорокин бэлиэтээбитинэн, ВОЛС кэлиитэ улуус экономическай уонна социальнай сайдыытыгар улахан хардыы оҥоруоҕа.

Сибээс саҥа линиятын уһуна 370 км, Бүлүү улууһун Кирово нэһилиэнньэлээх пуунун кытта Эдьигээн сэлиэнньэтин холбуоҕа, манна тирэх пуун туруоруллуоҕа.

ВОЛС салгыы оройуон киинин, Бэстээҕи уонна Бааханайы сибээстиэҕэ.

«Бу хайысхаҕа үлэ барбыта ыраатта, нэһилиэнньэ бигэ сибээһи киллэриини туруорсар. Кулун тутарга улуус баһылыктарын съезтэригэр «АрктикТелеком» телекоммуникационнай  операторы кытта сөбүлэҥҥэ илии баттаспыппыт.

Онон, Эдьигээн оройуонугар сэтинньигэ — ахсынньыга түргэн интернет киириэҕэ», – диэтэ Василий Сорокин.

This post was published on 18.05.2023 10:06 10:06