Эдьигээннээҕи айылҕа харыстабылын иниспиэктэрэ Т.Т.Аполлонов улуустааҕы полиция үлэһиттэрин кытта олунньу 8 күнүгэр рейдэҕэ сылдьан, Сэркии үрэххэ браконьердар 38 кыыл табаны бултаабыт, сэймэктээбит сирдэрин булбуттара. Бу түбэ “Лииндэ” ураты харыстанар сиргэ-уокка киирэр.
Ааспыт ыйтан саҕалаан, түөрт киһи кыылы бултуурга туох даҕаны көҥүлэ суох эрээри, 38 кыыл табаны бултаабыттар. Өссө анаан-минээн тыстарын эрэ ылбыттар. Табалары бултаабыт сирдэригэр, аһаҕас халлаан анныгар хаалларбыттар. Бу маннык кэрээнэ суох быһыы оҥоһуллубутунан сибээстээн, Эдьигээннээҕи полиция отделыгар холуобунай дьыала тэриллибит.
Аны туран, киһи кыһыйыах, бу түөрт киһини дьокутааттар көмүскэһэллэр эбит.
Оттон СӨ айылҕа харыстабылын миниистирэ Сахамин Афанасьев бу туһунан туох диирин билээри, сибээстэһэ сылдьыбыппытыгар:
— Ураты харыстанар сиргэ-уокка, резерваттарга бултааһын кытаанахтык бобуллар. Хомойуох иһин, сорох дьокутааттар ити дьону көмүскүүр санаалаахтар. Ол эбэтэр, хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт общиналар бултуохтарын сөп диэн куоһурданаллар. Маннык общиналар төттөрүтүн тулалыыр эйгэни, кыылы-сүөлү харыстыах тустаахтар,
This post was published on 19.02.2018 09:19 09:19