Эдьигээн муосчутун айар үлэтин саҥа кэрдиис кэмэ

Бу күннэргэ Эдьигээн орто оскуолатын күнүн иһинэн Россия худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, норуот маастара Егор Ильинов уонна кини салайан үлэлэтэр «Кэскил» куруһуок оҕолорун оҥоһуктарын бастакы быыстапката буолан ааста.


«Маастар уонна үөрэнээччи» диэн быыстапка оройуоннааҕы историческай музейга турда. Куруһуок оҕолоро тайах муоһуттан, уҥуоҕуттан кыһан оҥорбут бастакы оҥоһуктарын мустубут дьон сэргии көрдүбүт. Егор муосчут быһыытынан суолун-ииһин булуммут маастар эбит буоллаҕына, аны педагог быһыытынан үүнэн-сайдан эрэрин көрдөрдө. Хас биирдии оҕо оҥоһугар учуутал буочара, толкуйа, мындыра – барыта арылхайдык көстөр. Оҕолор бастакы оҥоһуктара, баҕар, өй-санаа, быһыы-таһаа өттүнэн сиппэтэх буолуохтарын сөп. Ол гынан баран, хас биирдии оҥоһукка оҕо толкуйа, илиитин сылааһа иҥпит, олус диэн кыһаллан чочуйан оҥорбут оҥоһугар бэйэтин буочарын, суолун-ииһин кытта уурбут.

Өрөспүүбүлүкэ бастакы президенэ Михаил Ефимович Николаев Эдьигээҥҥэ кэлэ сырыттаҕына, муосчут Ильинов кинини кытта кэпсэппит. Онно оҕону кытта бу дьарыкпын сайыннаран үлэлиэхпин сөп эбит диэн толкуй саҕыллыбыт. «Оччолорго музей балаҕаныгар үлэлии олордохпуна Михаил Ефимович соһуччу баҕайытык киирэн кэлбитэ. Кэпсэтэн, ыйыталаһан баран эппитэ: «Егор, эн бэйэҥ үүннүҥ-сайынныҥ. Хайа муҥун бэйэҕин эрэ таһаарыаххыный. Оҕолору үөрэт, муоска уһуй, — диэн эппитэ. Ол көрсүһүү кэнниттэн кырдьык, оҕолору үөрэтэргэ сананан көрбүт киһи дуу диэн толкуйдуур буолбутум, — диэн кэпсиир Егор Ильинов.

Ол толкуйун олоххо киллэрэн, педагог-муосчут быһыытынан ситиспит үлэтин биир дойдулаахтарын көрүүтүгэр таһаарда.

Билигин Эдьигээн орто оскуолатын иһинэн «Кэскил» куруһуогу үлэлэтэбин. М.Е. Николаев музей-дьиэтигэр үлэлиибит. Уон оҕо дьарыктанар. Тарбахтарыгар талааннаах, муостан кыһар үлэни өйдөрүнэн-санааларынан ылынар ураты оҕолор бааллар. Салгыы үлэлиэххэ, үөрэтиэххэ наада, — диэн этэр педагог-муосчут.

Егор Ильинов муосчут буолан тахсарыгар сүҥкэн улахан оруоллаах учуутала Афанасий Ильич Колесов үөрэнээччитин айар үлэтин саҥа кэрдиис кэмин кытта билсэн, санаатын үллэһиннэ: «Егор маладьыас. Оҕолору кытта итинник ситимин быспакка үлэлээтэҕинэ, Эдьигээн аатын ааттатар эдэр муосчуттар тахсыахтара. 3, 4, 5, 6, 9 кылаас оҕолорун оҥоһуктарын көрөн сөхтүм. Урут үөрэтэр эрдэхпинэ улахан да дьон итинник мындырдык, чараастык, нарыннык оҥорботтор этэ. Салгыы үлэлээ, ылбыт тэтимҥин ыһыктыма. Уонна биири бэлиэтээн этэрим диэн, Егор бу үлэтигэр матырыйаалынан хааччыллыан наада. Туһааннаах дьон ону хааччыйарга көмөлөһүҥ».

Арылхан Шадрин үһүс кылаас үөрэнээччитэ. Муоһунан кыһан оҥорууга иккис сылын дьарыктанар. Бу быыстапкаҕа үс сувенира көрдөрүүгэ турда – чарапаахы, бөрө, куобахтар. «Бастаан тугу оҥоруохтаахпын толдкуйдуубун, эскиз оҥоробун. Дьэ, уонна кыһан, оҥорон, киэргэтэн биэрэбин. Куруһуокка сылдьарбын наһаа сөбүлүүбүн. Учууталым Егор Григорьевич тугу этэрин барытын толорорго кыһаллабын», — диир уолчаан.

Бэһис кылаас үөрэнээччилэрэ Наташа Стручкова, Ира Слепцова куруһуок үлэлиэҕиттэн ыла дьаныардаахтык дьарыктанан, бастакы оҥоһуктарын – национальнай стииллээх кыыс оҕо киэргэллэрин оҥорон таһаарбыттар. «Муоһу кыһан оҥорууга олоруоххун уонна толкуйдуоххун наада. Тугу оҥороргун билэр буоллаххына, үлэлииргэ быдан чэпчэки. Биһиги бу баттахха иилиллэр заколкалары, медальоннары оҥордубут», — диэн кыргыттар кэпсииллэр.

Тохсус кылаас үөрэнээччилэрэ Егор Григорьев, Ганя Слепцов бу быыстапкаҕа туруорбут үлэлэрэ – быһах. Ганя муостан кыһан таһаарбыт быһаҕа хотой ойуулаах. Быһаҕын биитэ тимиртэн буолбакка таба уҥуоҕуттан оҥоһуллубут, оһуорунан киэргэтиллибит. Ураты буочардаах үлэ. Онтон Егор быһаҕа модьу-таҕа, илиигэр ыллыҥ да күннээҕи олоххор туттан барыаххын сөп. Эр киһилии кытаанах. «Куруһуокка сөбүлээн дьарыктанабын. Быһах эр киһи туттар сүрүн тэрилэ. Төһө кыалларынан туттарга табыгастаах буоллун диэн оҥорбутум», — диэн Егор Григорьев бастакы үлэтин туһунан кэпсиир.

This post was published on 19.10.2016 12:04 12:04