Эдьигээн кырдьаҕастара оҕолор айар үлэлэрин көрдүлэр

Аҕам саастаах дьон күннэригэр анаан Эдьигээн оройуонугар «Нэдиэдэ» тэрилиннэ. Кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интернат-дьиэлэригэр араас дьаһаллар буоллулар.


Эдьигээннэҕи интернатка аҕам саастаах дьоҥҥо аналлаах тэрээһиннэр былаан быһыытынан бардылар. Бу күннэргэ социальнай харалта управлениетыттан, пенсионнай фондаттан тустаах үлэһиттэр кэлэн кырдьаҕастар ыйытыыларыгар хоруй, субэ-ама биэрдилэр. Оройуон киин библиотекатын уонна музей үлэһиттэрэ сонуннарын кэпсээн, кэрэхсэбиллээх оонньуулары ыытан, ыллаан-туойан олохтоохтору сэргэхситтилэр. «Эйгэ» ЭКК үлэһиттэрэ сахалыы киинэ көрдөрдүлэр, эҕэрдэ кэнсиэртэрин бэлэх ууннулар. Маны таһынан интернат-дьиэ коллектива араас күрэхтэри, бырааһынньыктааҕы остуолу тэрийдэ.

Оҕо искусствотын оскуолатын коллектива аҕам саастаах дьону бэйэлэригэр ыалдьыттата ыҥырда. Быйыл оскуола үйэ аҥардаах үбүлүөйүн бэлиэтээбитэ. Оскуолаҕа тиийэн олохтоохтор араас сылларга уруһуй отделениетын бүтэрбит выпускниктар үлэлэрин сырдатар быыстапканы, «Великий Роман» диэн күрэххэ кыттыбыт билигин үөрэнэ сылдьар оҕолор уруһуйдарын, «Таксидермия» куруһуогун үөрэнээччилэрэ оҥорбут кыыллар чуучулаларын кэрэхсии көрдүлэр. «Таксидермия» куруһуогун ыытар Ильинова С.И. кырдьаҕастарга чуучулалары хайдах оҥорорун кэпсээтэ. Үҥкүү, уруһуй уруоктарыгар сылдьан кырдьаҕастар оҕо саастарын долгуйа санаан ыллылар. Үөрэнээччилэр эҕэрдэ кэнсиэртэрин ыалдьыттарыгар анаан туруордулар. «Баян» кылааһын учуутала Васильева С.Н. музыкальнай инструменнар тустарынан кэпсээтэ.

Ааптар: «Эдьигээн сонуннара», https://ulus.media

This post was published on 10.10.2019 12:12 12:12