Эдьигээн кырачаан табаһытын аатын Дархан Евсеев ылла

2006 cылтан Кыстатыамнааҕы “Туйаара” оҕо саадын иитээччитэ Мария Васильева көҕүлээһининэн саҕаламмыт дьыссаат иитиллээччилэрин ортотугар табаһыт кыра-сүлүөтэ быйыл үбүлүөйдээх сыла.


Үтүө дьыаланы үөрэх управлениета салгыы ылсан, оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго аналлаах оройуоннааҕы күрэхтэһии оҥорбута.

Быйылгы кырачааннар сүлүөттэрэ”Хотугу эргимтэ Күннэрэ” табаһыттарга аналлаах бырааһынньык иһинэн биэс оҕо кыттыылаах ааста. Эдьигээнтэн Владислав Алексеев  (“Звездочка”), Андриан Кривошапкин (“Елочка”), Евсеев Дархан (“Орончикан”), Кыстатыамтан Сайаан Ильинов  (“Туйаара”) уонна Баахынайтан соҕотох кыысчаан Эвелина Гурьева табаһыт сатабылыгар, олоҕор бастакы хардыылары оҥордулар.

Кырачааннар наартаны ыстаныыга, маамыкта быраҕыытыгар, сүгэни ыраахха быраҕыыга, сыарҕалаах сүүрүүгэ илин-кэлин түһүстүлэр. Бары көрүҥнэргэ лаппа кыахтааҕын көрдөрөн, 6 саастаах Дархан Евсеев муҥутуур кыайыылааҕынан буолла. Оттон соҕотох кэрэчээн куо Эвелина Гурьева уолаттартан хаалсыбакка кыттан, “Хотугу ньургуһун” аатын ылла.

This post was published on 02.04.2016 09:38 09:38