Эдьигээн эбэҥки оройуонугар үгэс курдук сайыны көрсөр Бакалдын бырааһынньыга быйыл, сыстыганнаах дьаҥ тарҕаныытын бохсор сыалтан, буолбата. Ити эрээри булчуттар кустарын-хаастарын «ыраахтан» түҥэттилэр.
Быйыл коронавирус ыарыыта туран, Эдьигээҥҥэ Бакалдын бэлиэтэммэтэ. Ол иһин Баахынай нэһилиэгин эр дьоно сааскы булт кэнниттэн «Байанай бэлэҕэ» диэн аахсыйаҕа кытыннылар. Маннык тэрээһини нэһилиэк дьаһалтата (баһылык Антонов Н.И.) уонна «Сайдам» сынньалаҥ киинэ (дириэктэр Гаврильева Е.В.) көҕүлээтилэр.
Аахсыйаҕа 21 булчут кытынна.
Кулууп дьиэтигэр остуол бэлэмнээн, булчуттар кустарын-хаастарын онно аҕалан уурталаатылар. Социальнай дистанция тутуһулунна.
Кулууп үлэһиттэрэ нэһилиэк кырдьаҕастарыгар, соҕотох ийэлээх ыалларга сааскы булду тиэрдитэлээтилэр.