Эдьигээҥҥэ саахалламмыт бөртөлүөтү көрдүү Ми-8 көттө

«Полярные авиалинии» авиахампаанньа Ми-8 бөртөлүөтэ бүгүн Жиганскайтан 325 км ыраах сиргэ ыарахан түһүүнү оҥорбут Ми- 2 бөртөлүөтү көрдүү көттө.

«Полярные авиалинии»  бөртөлүөтүгэр быыһааччылар уонна медиктэр бааллар диэн, авиахампаанньа иһитиннэрдэ.

Билигин биллэринэн, саахал түмүгэр икки киһи эмсэҕэлээбит.

This post was published on 30.10.2023 15:19 15:19