«Полярные авиалинии» авиахампаанньа Ми-8 бөртөлүөтэ бүгүн Жиганскайтан 325 км ыраах сиргэ ыарахан түһүүнү оҥорбут Ми- 2 бөртөлүөтү көрдүү көттө.
«Полярные авиалинии» бөртөлүөтүгэр быыһааччылар уонна медиктэр бааллар диэн, авиахампаанньа иһитиннэрдэ.
Билигин биллэринэн, саахал түмүгэр икки киһи эмсэҕэлээбит.