Улуустааҕы үөрэх управлениета анал сылы көрсө эмблема оҥоруутугар куонкурус биллэрбитигэр, 14-тэн 30 саастарыгар диэри биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн эдэр дьон кытынна.
Киһи олоҕор уонна уопсастыбаҕа эбии үөрэхтээһин суолтатын, аныгы эбии үөрэхтээһин уобараһын кэпсиир 18 үлэ киллэриллибит. Ол түмүгэр бастыҥ үлэнэн Эдьигээн орто оскуолатын 9 «б» кылааһын үөрэнээччилэрин, «Фрактал» эбии дьарык киинин куруһуогун уһуйуллааччыларын Милена Шамаева, Лена Матвеева, Настя Иванова үлэлэрэ бастыҥынан ааттанна. Салайааччылара — Любовь Корякина.
Эмблема сүрүн чааһыгар сибэкки дьөрбөтө ойууламмыт. Маны кыргыттар «Эбии үөрэхтээһин оҕолору сайыннарыыга ананар. Оттон оҕолор — олох сибэккилэрэ» — диэн быһаараллар. Биэс эминньэҕэр хайысхалар уруһуйдаммыттар: музыкальнай-эстетическэй иитии, спордунан иитии, үҥкүү, уруһуй, научнай чинчийии. «Оҕолор уруһуйдара сыл эмблематынан буолуоҕа», — диэн үөрэх управлениета иһитинэрэр.
This post was published on 17.02.2016 15:49 15:49