«Чистая Арктика» аахсыйа чэрчитинэн Эдьигээҥҥэ олохтоохтор 26,8 туонна бөҕү хомуйдулар, ол иһигэр тимир, пластик, мас баар. Быйыл тэрээһин Усуйаана, Булуҥ, Дьааҥы улуустарыгар салҕаныаҕа.
Эдьигээннээҕи субуотунньукка 60-ча киһи кытынна. «Квартальная» уонна «Таёжная» хочуолунайдар, саҥа тутулла турар спорткомплекс таһын хомуйдулар, уопсай иэнэ 1,5 га.
Бөх сорох чааһын хос оҥорон таһаарыыга ыытыахтара, атынын суох оҥоруохтара. Саха сирин Арктикатын бөхтөн хомуйар аахсыйа аны күһүҥҥэ диэри ыытыллыаҕа.
Атырдьах ыйыгар Булуҥ улууһун Тиксиитигэр экспедиция тэриллэр, маны сэргэ Дьааҥы Эһэ Хайатыгар уонна Баатаҕайыгар, Усуйаана Уус-Куйгатыгар үлэ ыытыллыаҕа.
«Чистая Арктика» эрдэтээҥи икки сезонугар барыта 110 гектар сир ыраастаммыта, биэс тыһыынчаттан тахса бөх хомуллубута, үс тыһыынчаттан тахса волонтёр үлэлээбитэ.
This post was published on 05.07.2023 14:28 14:28