20- уонна 30 саастаах дьон инфарктыыр кутталлара улаатар. Сэрэхтээх ыарыыга ылларыы содулларын кардиолог быраас, өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническай балыыһа кардиология салаатын сэбиэдиссэйин э.т. Саргылана Степанова кэпсээтэ.
«Эдэрдэргэ инфаркт биричиинэтэ саастаах дьону кытта тэҥнээтэххэ, араастаһар. Бу туруору вазоспазм, тромб эмболията эбэтэр кылаапан вегетацията, тымыр иһинээҕи тромбоз сорохторго көстөр эбэтэр атерома сабыытын хайдыыта. Атерома — атеросклеротическай бляшка саҕаланыыта. Эрозия, атерома сабыытын хайдыыта араас содуллары кытта сибээстээх», — диир Саргылана Степанова.
Сүрэх-тымыр ыарыыларын профилактиката:
* чөл олох;
* сөптөөх аһылык;
* физкультура, сүрэххэ саамай үчүгэй — күҥҥэ 30 мүнүүтэлээх тохтоло суох хаамыы;
* күннээҕи уонна утуйуу эрэһиимэ;
* ыйааһыны көрүнүү.
This post was published on 30.10.2024 14:07 14:07