Кулун тутар 18 күнүгэр дойду бэрэсидьиэнин талыахпыт. Саха сиригэр олорор-үлэлиир эдэр дьон санаатын билистибит. Кинилэр дойду инники сайдыыта хас биирдиибититтэн тутулуктааҕын этэллэр.
Алексей Павлов, юрист:
— Оҕо эрдэхпиттэн дьонум бэлиитикэни интэриэһиргииллэр, онон быһаарсар буоларга үөрэппиттэрэ. Ол иһин, быыбарга куруук көхтөөхтүк кыттабын, куоластыыбын. Дойдубут инники сайдыытын бэйэбит быһаардахпытына сатанар диэн өйдөбүллээхпин.
Александр Бережнев, риэлтор:
— Быыбары сонун тэрээһин курдук көрөбүн. Хас ыытыллар быыбар аайы көхтөөхтүк кыттабын. Мин санаам, куолаһым олорор дойдубар туһаны аҕалыа диэтэхпинэ, сыыстарбатым буолуо. Буолаары турар быыбарга кыттабын, куоласпын биэрэбин.
Андрей Дьяконов, физкултуура уонна ОБЖ учуутала:
— Бэрэсэдьиэни талар быыбарга хайаан да куоласпын биэрэбин. Хас биирдии киһи бэйэтэ тус санаалаах. Быыбарга кыттыбат дьону туох да диэбэппин эрээри, оҕолорун, чугас дьонун уонна дойдутун таптыыр киһи маннык хабааннаах тэрээһиннэргэ кыттыыны ылара булгуччулаах дии саныыбын.
Петр Иванов, айылҕа харыстабылын иниспиэктэрэ:
— Арассыыйа демократическэй судаарыстыба буоларын быһыытынан, былааһы норуот олохтуохтаах. Былааспыт мөссүөнэ — дойду бэрэсэдьиэнэ буолар. Ол иһин, дойду салайааччытын таларга хас биирдии киһи куолаһа улахан оруоллаах. Кулун тутар 18 күнүгэр куоласпын сөптөөх хандьыдаакка биэриэҕим.
This post was published on 20.02.2018 15:00 15:00