Дойду премьера Михаил Мишустин «Табыгастаах уонна удамыр сыаналаах дьиэнэн хааччылллыы» (Обеспечение доступным и комфортным жильём) бырагыраамаҕа уларытыылары киллэрэр уураахха илии баттаата. Саҥардыллыбыт докумуонунан эдэр ыаллар комфорт кылаастаах квартираны ылар кыахтаннылар. Маны таһынан көмө харчыны ипотека бырыһыанын кыччатыыга (рефинансирование) туттуохха сөп буолла. Бу туһунан бырабыыталыстыба анал сайтыгар суруйаллар.
«Табыгастаах уонна удамыр сыаналаах дьиэнэн хааччылллыы» бырагыраама дойду 83 эрэгийиэнигэр үлэлиир. 35 саастарын аһарда илик эдэр ыалларга государство кыбартыыра сыанатыттан 35%, оҕото суох ыалга 30% төннөрөр. Элбэх оҕолоох ыал бырагыраамаҕа дөбөҥнүк хапсар. Урут көрүллүбүт үпкэ эконом кылаастаах дьиэҕэ кыбартыыра ылыахха сөбө. Саҥардыллыбыт докумуонунан эдэр ыаллар комфорт кылаастаах квартираны ылар кыахтаннылар. Маны таһынан көмө харчыны ипотека бырыһыанын кыччатыыга (рефинансирование) туттуохха сөп.
Быйыл бу көмөннөн дойду үрдүнэн 15 тыһынчаттан тахса эдэр ыал туһанара сабаҕаланар. Маныаха 5 млрд үп көрүллүбүт.
Сиһилии манна аах http://government.ru/docs/40092/
This post was published on 27.07.2020 15:01 15:01