Эдэр ыалга ипотека бырыһыанын судаарыстыба төлүүр бэрээдэгэ киириэн сөп

Эдэр ыалга бэриллэр олорор дьиэҕэ субсидияны уларытар туһунан Федерация Сэбиэтигэр этии киирдэ. Ити чэрчитинэн ипотекалаах эдэр ыал кредиттэрин бырыһыанын аны судаарыстыба уйунуон сөп.


Маннык чэпчэтиинэн 35-гэр диэри саастаах эдэр ыал туһанар бырааптаах.

«Известие» хаһыат суруйарынан, ыал ипотекаҕа ороскуотун 40% судаарыстыба толуйар.

«Ипотека быһыытынан бэриллэр кредит бырыһыанын төлөөһүнү судаарыстыба бэйэтигэр ыллаҕына, эдэр ыал дьиэ иһин үбү-харчыны өлүүлээн бырыһыаны суох төлүүр буолар» — диэн Николай Бурматов этиитин таһаарыы тиэрдэр.

Былырыын судаарыстыба өйөбүлүнэн Россияҕа 9,2 тыһыынча эдэр ыал туһаммыт. Федерация Сэбиэтэ Бурматов этиитин ылыннаҕына, 350 тыһыынча эдэр дьон саҥа дьиэлэниэхтэрэ.

Дойду араас регионнарыгар олорор дьиэҕэ анаан бэриллэр субсидия кээмэйэ араас. Холобур, Москваҕа көмө үбэ-харчыта атын регионнардааҕар элбэх. Субсидияны ипотека бырыһыанын төлөөһүнүнэн солбуйдахха, итинник араастаһыы суох буолуохтаах.

This post was published on 16.07.2016 14:45 14:45