Бу күннэргэ Илин Эҥээргэ промышленнай хампаанньаларга олохтоох дьону үлэҕэ ыларга сүүмэрдээһин бара турар. Аллараа Бэстээххэ сүүстэн тахса киһи кэпсэтиигэ (собеседованиеҕа) киирээри көрүдүөргэ тоҕуоруста. Үксэ үлэлиир-хамсыыр саастарын саамай үгэнигэр сылдьар эдэр уолаттар, орто саастаахтар бэрт аҕыйахтар. Вахтаҕа үлэлии барарга күүс-уох, чэгиэн доруобуйа, тымныыттан толлубат, итииттэн иҥнибэт, арыгыны испэт, тулуурдаах буолаллара ирдэнэр.
Мин көрүдүөргэ турар дьонтон туох үөрэхтээхтэрин, төһө өр үлэ көрдөөбүттэрин сурастым.
Василий:
— Мин эскаватор машиниһа идэлээхпин. Урут «Анаабыр алмаастарыгар» икки сыл үлэлээбитим, онно быстах кэмҥэ болдьоһон, сезонунан үлэҕэ ылаллар. Куораттан чугас соҕус бастайааннай үлэ булуохпун баҕарабын.
Андрей:
— Мин Бүлүү улууһуттан сылдьабын, промышленнаска куттала суох буолуу техникатын инженерэ идэтин баһылаан, үрдүк үөрэҕи бүтэрбитим да үлэ булбатаҕым. ХИФУ-га үлэлии сылдьан сарбыйыыга түбэспитим. Онон идэбин уларытан, погрузчик кууруһугар үөрэммитим. Онон хара үлэттэн саҕалыахпын баҕарабын. Социальнай өртүнэн үлэһиттэрин үчүгэйдик хааччыйар «Колмар» улахан хампаанньаҕа киирэрим буоллар диэн ыра санаалаахпын. Үлэлиэн, дьиэ кэргэнин иитиэн баҕалаах киһи, хайдах баҕарар усулуобуйаны тулуйар буоллаҕа.
Уйбаан:
— «А, В, С, Д, Е” категориялаах суоппарбын, тырахтарыыстыахпын да сөп. Урут сопхуоска, оскуолаҕа үлэлээбитим. 55 сааспын туоллум да, үлэни өссө да кыайар инибин диэн вахтаҕа барыахпын баҕарабын.
Алексей:
— Хатыҥ-үрэххэ «Профресурс» ньиэп-гаас, хайа промышленноһыгар, тутууга оробуочай үлэһиттэри бэлэмниир кииҥҥэ бульдозер машиниһыгар үөрэммитим. Үрдүк экономист үөрэхтээхпин. Ол эрээри, бүддьүөт тэрилтэтин хамнаһа биллэр, 30-40 000 солк. Онон киһи итинник хамнаска ипотекаҕа да сатаан киирбэт. Ол иһин идэбин уларытан, эдэр-сэнэх эрдэххэ хамнастаах үлэҕэ үлэлиэхпин, олохпун тупсарыахпын баҕарабын. Нерюнгри диэки көһөр санаа суох, вахтовай ньыманан баран кэлиэм этэ. Саҥа үөрэҕи бүтэрбит киһи үлэ булара күчүмэҕэй, бары биэс сыл уопуттаах, сэттис разрядтаах бульдозеристарга наадыйаллар. Аллараа Бэстээххэ өрүс пуордун тутуутугар эмиэ барыта кэлии дьон үлэлииллэр. Тиэндэргэ үксүн докумуону толоро үөрүйэх соҕуруу дойду дьоно кыайаннар, сакааһы кинилэр ылаллар.
Юра:
— Бастакы идэм программист, онтон «Профресурска» үөрэнэн, бульдозериһынан Уус-Маайаҕа көмүс карьерыгар чааһынай тэрилтэҕэ үлэлээбитим. Бульдозеристарга соҕотох саха этим. Устудьуоннуу сылдьан нууччалары кытта бииргэ бодоруспут буолан, кэпсэтэргэ, кэлэктиипкэ киирэргэ ыарахаттары көрсүбэтэҕим. Хамнаспыт хайдах үлэлиирбититтэн тутулуктаах, ортотунан 60 -100 000 солк. Бастайааннай үлэҕэ киирээри, бүгүн манна баар тэрилтэлэри барытын кэрийдим, «колмардар» үлэҕэ ылыахпыт диэн эрэннэрдилэр. Онон маннык тэрээһиннэр ыытыллаллара үчүгэй. Киһи үлэ булуон сөп. Улахан промышленнай хампаанньалар каадырдары кытта үлэлиир дьоно биирдэ эмэ «для галочки» буолбакка, сыл аайы улуустары кэрийэ сылдьан олохтоох дьону үлэҕэ ылаллара буоллар, үлэтэ суохтар ахсааннара аҕыйыа этэ.
Уолаттар быыстарыгар биир кыыһы көрсө түһэн кэпсэттим.
Катя:
—Үрдүк үөрэхтээх экономиспын, үлэбэр саҥа тойон кэлэн, бэйэтин дьонун хомуйа сылдьар. Ийэм ватсапка биллэрии көрөн, бу промышленнай хампаанньаларга дьону сүүмэрдииллэр диэн, куораттан анаан-минээн Бэстээххэ кэллим. Өр да өр уочараттаан киирбитим кэннэ, экономиска наадыйбаппыт диэтилэр. Офиска олорор үлэ суох. Саатар аан таһыгар туох идэлээх дьоҥҥо наадыйалларын суруйбуттара буоллар, халтайга туруом суоҕа этэ. Бухгалтерга наадыйаллар эбит, ол эрээри вахтаҕа биир ый баран үлэлиигин, биир ый сынньанаҕын. Хамнаһа 60 000 солк. Ол аата икки ыйга үллэрдэххэ 30 000 солк. тахсар. Сынньанар кэмҥэр халлаантан харчы түспэт, хамнаһа суох олороҕун. Оттон мин ипотекабын ый аайы 35 000 солк. төлүүбүн. Онон миэхэ сөп түбэһэри тугу да булбатым.
Ити курдук араас үөрэхтээх, дьылҕалаах дьону кытта кэпсэттим. Кинилэр бары хамнастаах үлэҕэ киирэн, дьиэ-уот тэриниэхтэрин, ипотекаларын төлүөхтэрин, олохторун таһымын тупсарыахтарын баҕараллар.
«Мечел-Майнинг», «Алдан Полюһа» УК, «Колмар», «Селигдар көмүһэ», «Прогноз», «Саха сирин тимир суоллара» АХ бэрэстэбиитэллэрэ кэлбит сүүстэн тахса киһини кытта кэпсэттилэр, үлэҕэ ыларга сүүмэрдээтилэр. Бу түмүгүнэн ким эрэ үлэҕэ киирэн, баҕар, доҕотторун, убайдарын-бырааттарын ыҥырыа, оччоҕуна биирдэ саха дьоно өйөһөн, бары бииргэ тутуһан промышленноска үлэлиэхтэрэ.