Муус устар 25 күнүгэр эдэр учуонайдарга, исписэлиистэргэ, устудьуоннарга Ил Дархан граныгар куонкурус түмүгэ таҕыста. Барыта 39 сайаапка киирбититтэн, 10 кыайыылаах буолла, кинилэр 500-түү тыһ солк туттулар.
Ол туһунан регион салалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Эдэр учуонайдар Саха сирин, дойду хоту территориятын научнай-технологическай сайдыытыгар кылааттарын киллэрэллэр, Арктика кыаҕын үөрэтэллэр, дириҥник чинчийэллэр, диэтэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов.
«Өрөспүүбүлүкэҕэ 13 ыччат лабораторията үлэлиир, биир кэлим наука чинчийиитин ыытар бырагыраама ылыллыбыта. Биһиги эдэр дьон көҕүлээһиннэрин куруук өйүүбүт. Эдэр чинчийээччилэргэ грант салгыы үлэлэригэр үчүгэй стимул буоларыгар эрэллээхпин», – диэтэ Анатолий Семенов.
Санаттахха, Ил Дархан грана 2022 сылтан үлэлиир.
This post was published on 26.04.2024 09:28 09:28