“Эдэр табаһыт” бырагыраамаҕа кыттааччылар билиннилэр

«Эдэр табаһыт» бырагырааманан куонкурус түмүктэннэ. Үбүлээһин олохтоох табаһыттар дьиэ туттууларыгар эбэтэр атыылаһыыларыгар ананар. Ол туһунан ТАСС-ка регион тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бэрэстэбиитэлэ кэпсээтэ.


“Эдэр табаһыт” бырагыраама Саха сиригэр 2020 сыллаахха үлэтин саҕалаабыта, регион бюджетыттан 11 мөл солк көрүллүбүтэ.

“Бырагырааманан куонкуруска барыта 17 сайаапка киирдэ. Түмүккэ 11 эдэр табаһыт Анаабыр, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Эдьигээн, Орто Халыма, Усуйаана, Эбээн Бытантай улуустарыттан таҕыстылар. Кинилэри кытта сөбүлэҥнэр түһэрсиллэллэр, онно сурулларынан, дуогабардаахтар бу салааҕа биэс сыл үлэлиэхтээхтэр”, – диэн министиэристибэҕэ эттилэр.

Сиһилии https://ysia.ru/v-yakutii-opredelili-uchastnikov-programmy-molodoj-olenevod-kotorye-poluchat-sredstva-na-stroitelstvo-zhilya/

This post was published on 18.09.2020 14:01 14:01