Эдэр суруйааччы Аграфена Кузьмина кинигэтэ таҕыста

Эдэр суруйааччы, “Саха сирэ” хаһыат политикаҕа ырытааччыта Аграфена Кузьмина бүгүн өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-кииҥҥэ “Киһи сүрэҕэ бэрт чараас” диэн саҥа кинигэтин сүрэхтиир.


Кинигэ тэттик кэпсээннэртэн турар. Эдэр ааптар олоххо баар көстүүлэри кыраҕытык кэтээн көрөн, мөкү өрүттэрин сэмэлиир, дьон болҕомтотун тардар, толкуйдуурга ыҥырар. Аныгы олох көстүүлэригэр былыргы кэм эридьиэстэнэ эриллэн, урукку, билиҥҥи уонна кэлэр кэм ситимнээхтэрин көрдөрөр.

Аграфена бастаан хоһооннортон саҕалаабыта эрээри, кэлин прозаҕа көспүтүн сэргээбитим. Тус бэйэм бу кылгас кэпсээннэртэн хомуллубут тэттик кинигэни сонургуу аахтым уонна ааҕааччы да эмиэ сөбүлүө диэн эрэнэбин. Сурук үлэтигэр элбэхтик миккиллибит киһи быһыытынан эттэххэ, кылгас кэпсээн, дьиҥэр, олус ыараханнык суруллар. Баара эрэ икки-үс сирэйгэ олох көстүүтүн уонна онуоха ойууланар дьон сэбэрэтин, майгытын аҕыйах этиинэн сатаан ойуулуур киһи аайы кыаллыбат суол. Маны ааҕааччы хараҕар көстөр, киниэхэ өйдөнөр гына суруйуохтааххын. Ити соругу эдэр суруйааччы Аграфена Кузьмина кыайа-хото ситиспит дии санаатым”, — диэн саха норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов этэр.

Аграфена Кузьмина Чурапчыттан төрүттээх. СГУ саха тылын филологиятын уонна култууратын факультетын бүтэрбитэ. Үөрэнэ сылдьан “Саха” НКИХ “Аал Луук Мас” студиятыгар, кэлин П.А.Ойуунускай аатынан Литературнай музейга, Чурапчы улууһун “Саҥа олох” хаһыатыгар үлэлээбитэ.

Аграфена устудьуоннуур сылларыгар факультет иһинэн үлэлиир “Байанай алгыһа” литературнай куруһуокка дьарыктаммыта. Эдэр суруйааччылар сүбэ мунньахтарын кыттыылааҕа. Хоһоонноро, кэпсээннэрэ хаһыаттарга, сурунаалларга, хомуурунньуктарга бэчээттэммиттэрэ.

This post was published on 14.04.2016 15:14 15:14