Дойду баһылыга Владимир Путин Федеральнай Мунньахха Туһаайыытыгар сэлиэнньэлэргэ, бөһүөлэктэргэ, кыра куораттарга быраастары уонна биэлсэрдэри олорор дьиэнэн хааччыйыынан күүскэ дьарыктанарга эттэ.
Сэлиэнньэлэргэ, бөһүөлэктэргэ, кыра куораттарга быраастары уонна биэлсэрдэри олорор дьиэнэн хааччыйыыга араас механизмы, ол иһигэр биирдиилээн тутууну өйөөһүнү, үөрэтэргэ Владимир Путин Туһаайыы кэмигэр эттэ.
Каадырдары бэлэмнээһин – доруобуйа харыстабылыгар сүрүн боппуруос. 2024 сылга бу салаа, ордук бастакы сүһүөх звено, исписэлиистэринэн толору хааччыллыахтаах. “Онуоха саҥа үөрэх дьылыгар үрдүк үөрэх кыһаларыгар эмчит идэтигэр ылыы боппуруостарын биллэрдик уларытыахха наада. “Лечебнай дьыала” идэҕэ бүддьүөт миэстэтин 70 бырыһыана, “педиатрия” идэҕэ 75 бырыһыана тус сыаллаах буолуохтара. Үөрэххэ тус сыаллаах квотанан ылыы РФ эрэгийиэннэрин сайаапкатынан ыытыллыаҕа. Кинилэр үөрэҕи бүтэрэллэригэр үлэ буларга мэктиэ биэриэхтээхтэр”, — диэтэ Путин.
СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова дойду баһылыгын Туһаайыытыгар каадыр туһунан этиигэ эдэр исписэлиистэри миэстэтигэр үлэлэтэ хаалларар ыараханын туһунан эттэ. “… Ол иһин, ыччаттар тус сыаллаах миэстэҕэ үөрэнэ кэлэллэрин уонна үлэ миэстэтэ мэктиэлэнэрин туһугар тус сыаллаах үөрэҕи кэҥэтэр ордук суолталаах буолуоҕа”, — диэн үрдүк үөрэх кыһаларыгар бүддьүөт миэстэтин элбэтии эмиэ үчүгэй быһаарыы буолуоҕун тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Манна даҕатан эттэххэ, 150-ча эдэр исписэлиис “Тыа сирин доктора” уонна “Тыа сирин биэлсэрэ” бырагыраамаларынан сэлиэнньэлэргэ уонна кыра куораттарга үлэлии бардылар.
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru
This post was published on 20.01.2020 10:44 10:44