1,5 мөл.солк. суумалаах граннары Саха сирин 28 улууһуттан 234 фермердэр ыллылар. Ыам ыйын 4 күнүгэр кинилэргэ грант сертификаттарын үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар.
«Бастыҥ бырайыактары талыы быйыл бэһис төгүлүн ыытылынна. Саха сирэ бу сылга федеральнай бюджеттан саамай улахан үбү-харчыны ылла. Онон грант ылар дьон ахсаанын биллэ элбэттибит», — диэтэ вице-премьер-тыа хаһаайыстыбатын миниистирин э.т. Петр Алексеев.
Государство өйөбүлүнэн туһанар эдэр фермердэр ахсааннара сылын аайы эбиллэ турар. Ол курдук, 2012 сылга 36 фермер маннык көмөнөн туһаммыт. 2013 — 50, 2014 — 65, 2015 — 167. Быйыл кинилэр ахсааннара— 234.
35-гэр диэри саастаах 128 киһи граҥҥа тигистэ. Бизнес-бырайыактарга сүөһүнү, о.д.а. дьиэ кыылын иитии баһыйда. Бырайыактар 23% сылгыны үөрдээн иитии ылар.
Табаны, сибиинньэни, хоруолугу иитиигэ, оҕуруот аһын үүннэриигэ, тигээйиттэн мүөтү ылыыга чопчу этиилэр киирдилэр.
«Нам, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Амма, Бүлүү бөлөх улуустарын фермердэрэ граҥҥа тигистилэр. Баһыйар миэстэни саҥа саҕалааһыннар ылбыттара хайҕаллаах», —диэтэ Алексеев.
This post was published on 05.05.2016 10:35 10:35