15 тыһыынча солкуобайынан бэйэ дьыалатын тэриниэххэ сөбүн туһунан СИА-ҕа фермер Иван Петров этэр. Хонтуораҕа үлэни оҕуруот аһын үүннэриинэн солбуйбут киһи судаарыстыба өйөбүлүгэр сигэммэккэ, бэйэ кыаҕынан кэтэх дьыаланы тэринии туһунан кэпсээтэ.
Түөрт сылааҕыта Иван Петров Дьокуускайга юриһынан үлэлиирэ. Хармааныгар 15 тыһ.солк.сылдьан доҕорун ыҥырыытынан Өлүөхүмэҕэ күүлэйдии тиийбит.
Онно тиийэн биир үтүө сарсыарда сопхуос бырахпыт бааһынатын бэлиэтии көрбүт. Ити биэс гектардаах, иччитэхсийэн турар сири туһаҕа таһаарар санаа эдэр киһиэхэ киирбит.
«Мин манна хортуоппуйу үүннэрэн атыылыыр соругу туруоруммутум”, — диир Иван. «Быраҕыллан турар сир кимиэхэ да наадата суох, ыл, үлэлээ!”, — диэн доҕоро кини баҕатын өйөөбүт.
Иван олохтоох дьаһалтаны кытта бу сири арендаҕа ылар туһунан дуогабардаспыт. 5 тыһ.солк. уонна аҕыйах хаа ботуруон иһин бу сири олохтоох тырахтарыыс хорутарыгар кэпсэппит. 1,5 тонна хортуоппуйу ыаллыы олорор дьонтон күһүн төлөһүөх буолан ылбыт. Хортуоппуйу олордон баран Дьокуускайга барбыт уонна бу бааһына туһунан таһыччы умнан кээспит.
Күһүөрү доҕоро төлөппүөнүнэн эрийэн санаппытыгар биирдэ өйдөөбүт.
«Мин аҕыйах хаа ботуруону туппутунан Өлүөхүмэҕэ тиийбитим. Тиийбиппэр олохтоохтор олус үөрбүттэрэ. Дьону көмөлөһүннэрэн нэдиэлэ устатыгар 60 тонна хортуоппуйу хостообуппут», — диир фермер.
Хомуйбут хортуоппуйун олохтоохторго, оҕо саадыгар атыылаан баран хаалбытын Дьокуускайга тиэйэн аҕалбыт.
«Бааһынай ырыынагын салалтатын кытта кэпсэтэммин атыылыыр миэстэ ылбытым. КАМАЗ массыынаттан быһаччы хортуоппуйбун атыылаабытынан барбытым. Нэдиэлэ устата барытын атыылаан бүтэрбитим, биэс тоннаны аныгыскы олордуубар хаһааммытым».
Бу кэнниттэн Иван тыа хаһаайыстыбатын туһунан дириҥ толкуйга ылларбыт. 5 гектар сиринэн тохтоон хаалбакка, хаһаайыстыбатын кэҥэттэр туһунан быһаарыыны ылыммыт.
Түөрт сыл иһигэр Иван Петров өрөспүүбүлүкэ түөрт оройуонугар быраҕыллан турар, урукку сопхуос сирдэрин арендаҕа ылбыт. Билигин уопсайа 50 гектар сиргэ хортуоппуйу, моркуобу, оҕурсууну, сүбүөкүлэни үүннэрэр. Бүлүүгэ, Ньурбаҕа, Өлүөхүмэҕэ, Үөһээ Бүлүүгэ, Кэбээйигэ хаһаайыстыбалары тэриммит. Сылы эргиччи үлэлиир теплицаны туппут, Москваҕа, Новосибирскайга уонна Өлүөхүмэҕэ оҕуруот аһын харайар тутуулары куортамнаабыт.
«Бу кэм-кэрдии устата элбэхтэ улуустарга сырыттым, баһылыктары кытта кэпсэттим-ипсэттим. Сорохтор өйөөбөт буоллахтарына, атыттар үөрүүнэн көмөлөһөллөр. Ордук хоту сиригэр быһыы-майгы уустук. Онно туох да үүммэт. Тиэйэн аҕалар астарын сыаната аһара үрдүк», — диир кини.
Бу бөрүкүтэ суох быһыыны-майгыны көннөрөр туһуттан быйыл Үөһээ Дьааҥы улууһун баһылыгын кытта кэпсэтэн, сүбэлэһэн тыа хаһаайыстыбатын сөргүтэр соругу туруоруммуттар.
«Кинилэргэ кыһыннары үүннэрэр теплицалары тутурга этии киллэрбитим. Ороскуот 70% уйунар эбэһээтэлистибэ ылыммытым. Дьон оҕуруот аһынан бэйэлэрин хааччыналларын таһынан, атыылыыр кыахтаналлар. Оччотугар тиэйэн аҕалыы, үгүөрү үп ороскуоттаныыта тохтуур. Онтон киирбит харчы улуус хааһынатыгар киирэр. Мин онтон үп-харчы көрдөөбөппүн», — диир эдэр фермер.
Иван быйыл сүөһүнү, сылгыны иитэр фермердэри кытта кэпсэтиһии ыыппыт. Ол түмүгэр кинилэргэ сүөһү битэмииннээх эбии аһылыгын Новосибирскайтан аҕалар туһунан сүбэлэспиттэр. Инникитин эти, балыгы Саха сирин тас өттүгэр таһаарар былааннаах.
«Үөс сиргэ эти, балыгы олус сөбүлүүллэр. Баҕар, Кытайга хортуоппуйу атыылыыр буолуохпут», — диир Иван.
Үүннэрбит аһын батарыы сүрүн кыһалҕа буоларын Иван үллэстэр. «Фермердэри судаарыстыбаттан көмөнү күүтэргэ үөрэтэн кээспиттэр. Ол иһин ким да маркетинг уонна хаачыстыбалаах сервис диэни билэ да сатаабат. Бэйэ тэлэр саҥа суолун көрдөөбөт», — диир кини.
Кинини кытта бииргэ үлэлиир киһи Сергей Михайлов этэринэн, эдэр фермер оҕуруот аһын уонна фруктаны дьиэҕэ аҕалан биэрии бизнес-бырайыагын үөскэтэр.
«Ити түмүгэр хас биирдии киһи кыра дьааһык хортуоппуйу, фруктаны дьиэтигэр аҕалтарар кыахтаныаҕа», — диир Сергей.
«Биһиги фруктаны Саха сиригэр үүннэрбэппит. Ичигэс сиргэ үүннэрэр уонна ону Саха сиригэр аҕалар былааннаахпыт. Ити омос көрдөххө уустук курдук. Ол эрээри, барыта судургу. Сыалы-соругу туруорунан баран ону олоххо килэрэргэ дьулуур эрэ наада», — диир Сергей Михайлов.
Фермердэр бэйэ дойдутугар үүммүт оҕуруот аһа чэпчэки сыанаҕа туруохтааҕын ыйаллар. Кыраны ыарахан сыанаҕа буолбакка, элбэҕи чэпчэки сыанаҕа атыылыыр тоҕоостооҕун ордук бэлиэтииллэр.