Эдэр дьон көҕүлээһинэ – тыа сирин сайдыытыгар

Муус устар 8-9 күннэригэр Амма улууһун мунньахтыыр саалатыгар ыччаттар улуустааҕы IV-с дьыалабыай оонньуулара үрдүк тэрээһиннээхтик буолан ааста.   Бу сырыыга оонньуу «Эдэр дьон көҕүлээһинэ – тыа сирин сайдыытыгар» диэн ис хоһоонноох ыытылынна.


Манна барыта 7 нэһилиэктэн 49 ыччаттар кыттыыны ыллылар. Оонньуу түмүгүнэн бочуоттаах 3 миэстэни Алтан нэһилиэгэ ылла. Кинилэр өстүөкүлэ уонна пластиковой бытыылкалары переработкалааһын туһунан бырайыак суруйбуттар. Хамаанда хапытаана Колесов Дмитрий. Иккис миэстэҕэ Сулҕаччы таҕыста, кинилэр нэһилиэнньэни уунан хааччыйыы боппуруоһугар үлэлэспиттэр. Хапытааннара Неустроев Николай. Онтон оонньуу кыайыылааҕынан Болугур нэһилиэгин ыччаттарын «Тыа сиригэр сылы эргиччи туризымы сайыннарыы » диэн бырайыактар бастакы миэстэни ылла. Хапытааннара Кононова Светлана. Бары бырайыактар туһалаахтара уонна олоххо киирэр кыахтаахтара бэлиэтэннэ.

This post was published on 10.04.2016 16:59 16:59