Саха сиринээҕи наука академията П.А. Ойуунускай аатынан Чөркөөхтөөҕү музейы кытта олунньу 24-25 күннэригэр кыраайы үөрэтэр кэмпириэнсийэни тэрийиэхтэрэ. Эдэр чинчийээччилэр «Форпост: роль якутских лошадей в освоении Российской империей Сибири, Дальнего Востока и Америки» тиэмэ тула дакылааттары оҥоруохтара.
Кэмпириэнсийэҕэ 5 — 11 кылаас оҕолоро, орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларын устудьуоннара кытталлар. Кыраайы үөрэтэр, Саха сирин историятын чинчийэр эдэр учуонайдар көрүүлэрин кэпсиэхтэрэ.
Үс секция үлэлиир:
— Саха ата тракт үлэтигэр оруола;
— Саха ата почта ыстаансыйаларыгар оруола;
— Саха ата атыыга-кутууга оруола.
Биир туурдаах ыытыллар. Киэбэ – дистанционнай-кэтэхтэн.
Үлэлэри олунньу 15 күнүгэр диэри бу электроннай почтаҕа ылаллар: iso1109@mail.ru
Балаһыанньа бу саайтка баар: https://yakutia.science/news/60052bc8c9d6a2aaa1d9fa30/Respublikanskaya-nauchnaya-kraevedcheskaya-konferentsiya-molodih-issledovatelei—Forpost—rol-yakutskih-loshadei-v-osvoenii-Rossiiskoi-imperiei-Sibiri—Dalnego-Vostoka—ameriki—
This post was published on 29.01.2021 16:01 16:01