«Алтынньыга кэлбитим, стажировкаламмытым, бырагырааманы кытта билсибитим. Үлэлииргэ усулуобуйа баар, үчүгэй. Коллегаларым истиҥнэр, быһаараллар, сүбэлииллэр. Офтальмологическай балыыһа туһунан элбэҕи аахпытым. Быраастар ыарахан эпэрээссийэлэри оҥороллорун билэбин. Холобур, харах дьэҥкир бүрүөтүн. Пациеннар маршрутизациялара үчүгэй. Бэйэм үлэм карьератын Саха сиригэр саҕалыырым наһаа үчүгэй», — диэтэ Валерий Бубеев.
Читаттан кэлбит эдэр быраас «Земский доктор» бырагыраама кыттыылааҕа. Биэс сыл Нерюнгри оройуонугар үлэлиэҕэ.
«Бурятияттан төрүттээхпин, биһиги килиимэппит эмиэ тымныы, онон үөрэммит усулуобуйам. Манна мин биир кылааска үөрэммиттэрим олороллор, шахтаҕа үлэлииллэр. Манна ыраас, сылаас, тимир суол баар», — диир Валерий.
Валерийы кытта Нерюнгри киин балыыһатыгар медицина сиэстэрэтэ уонна врач-офтальмолог кэллэ.
«Саҥа доктор кэллэ, онон икки сменанан үлэлиибит. Саҥа медсестра баар. Офтальмологическай медицина көмөтүн филиалларга үрдүк таһымнаахтык оҥороллор. Холобур, биһиги балыыһабытыгар ирдэнэр саҥа оборудование барыта баар — томограф, УЗИ-аппараат. Пациеннар үксүлэрэ катаракталаахтар. Биһиги кинилэри эпэрээссийэҕэ бэлэмниибит», — диэтэ Валерий Бубеев.
This post was published on 11.11.2024 16:03 16:03