Нам улууһун Таастаах нэһилиэгэ быйыл сөргүтүллүбүтэ 30 сыла буолла. Таастаах баһылыгынан төрдүс сылын эдэр киһи Евгений Федотов үлэлиир. «Үөрэхпин бүтэрэн баран бэйэ дьыалата тэринэн үлэлээн саҕалаабытым. Онтон төрөөбүт нэһилиэгим сайдыытын, кэскилин санааммын баһылык буоларга санаммытым. 2012 сыллаахха алта кандидаттан быыбарданан баһылыгынан талыллыбытым. Таастаахха 1986 эбэлээх эһэм бастакынан кэлэн, үлэлээн-хамнаан, нэһилиэги сөргүтүүнэн дьарыктаммыттара. Онон мин төрөөбүт дойдубар кэлэн, дьонум саҕалаабыттарын салгыыр эбээһинэһим диэн сыал туруорунан сүүрэ-көтө сылдьабын», – диэн Евгений кэпсээнин саҕалыыр.
- Таастаах нэһилиэгэ оройуон кииниттэн тэйиччи турар, суол-иис куһаҕан. Онон баһылыктаан саҕалаабыт күммүттэн бу кыһалҕаны баһаарсан барбытым. Билиҥҥитэ оҥоһуллубут былаан туолан, айан суола уонна нэһилиэк иһинээҕи суол-иис тупсан турар. Нэһилиэкпит өссө биир сүрүн кыһалҕатынан иһэр уу буолар. Мыраан үрдүгэр турар нэһилиэк буолан, уу турбат. Кураан дьыл үүннэҕинэ, уу туохха да тиийбэт да буолар. Чугаһынан 5 км сиргэ күөллээхпит, сайынын ынах уулатарга, оҕуруокка уу кутарга эрэйдэнээччибит. Онон водоем оҥорбуппут, водопровод тардыахтаахпыт уонна ууну ыраастыыр фильтр туруоран, иһэр уубутун эмиэ онтон ылаары гынабыт.
- Таастаах – эдэр нэһилиэк буолан, оҕо төрөөһүнэ элбэх, сылга ортотунан уонча оҕо төрүүр. Аны оҕо саад 15 оҕо эрэ миэстэлээх, онно билиҥҥитэ 30 оҕо сылдьар. Саҥа тутуу бөҕөтө ыытыллара былааннар. Ол курдук, саҥа сынньанар киин, спорт саала, сокуола тутуута былааҥҥа баар.
- Таастаахха саха ынаҕын иитэбит. Анал хотон арыйан, хамнастаах үлэһиттэр көрөллөр-истэллэр. Саха ынаҕын иитии, улуустарынан тарҕатыы – сүрүн үлэбит. Билиҥҥитэ 116 төбө саха ынахтаахпыт. Онус сылбытын саха ынаҕын кытта атын боруоданы булкуйан, сыыйа атын боруордаттан аккаастанан, саха ынаҕын эрэ иитэр, тарҕатар былаанннаахпыт.
- Тыа сирин турзимын сайыннарарга бастакы хардыылары оҥордубут. Куорат дьоно биһиги сынньанар базабытыгар кэлэн, тыа сиригэр олорор, үлэлиир үчүгэйин билэн-көрөн, бэйэлэриэгр боруобалаан бараллар. Сибиэһэй салгыҥҥа сылдьан, балыктаан, бултаан, оттоон, ынах ыан, сир астаан бараллар. Төрөөбүт дойду күндүтүн өйдөөн, манна эмиэ олох күөстүү оругйарын билэн, ыччат тыаҕа талаһыан баҕарабын.
- Ыччат тыа сиригэр үлэлии кэлиитин престиж оҥоруохха наада. Саҥа үөрэҕин бүтэрэн тыа сиригэр үлэлии кэлбит киһи мунара-тэнэрэ элбэх бөҕө буоллаҕа. Ону өйөөн, бастаан утаа олорор усулуобуйатын барытын тэрийэн, сүбэ-ама буолуохха наада. Тыа сирин романтикатын өйдөтүөхтээхпит. Мин бэйэм холобурбунан сиэттэрэн, билигин Таастаахха ыччат бөҕөтө баар, үөрэхтэрин бүтэрэн, дойдуларыгар үлэлии кэлбит ыччат элбэх. Тыа сиригэр, төрүөхпүтүттэн билэ-көрө улааппыт сирбитигэр-уоппутугар, дьоммут-сэргэбит туһугар үлэлиирбититтэн ордук туох кэлиэй?!
Эдэр баһылыктаах эдэр нэһилиэк өссө даҕаны сайда, үүнэ турдун!
This post was published on 19.07.2016 21:19 21:19