Эдэр баһылык Лев Новгородов Москва куоракка ыытыллыбыт сүүрүү марафонугар кытынна

Нам улууһун 2-с Хомустаах нэһилиэгин баһылыга Лев Новгородов Москва куоракка «Мин столицам» сүүрүү марафонугар кытынна. Эдэр баһылык сүүрүүгэ кыттыытын дойдутун ыччатыгар, кэлэр көлүөнэҕэ аныыр. Бу туһунан Нам улууһун дьаһалтатын пресс — сулууспата суруйар. 


Марафоҥҥа быһа холоон икки тыһыынча киһи сүүрбүт. Эдэр баһылык сүүрүүгэ үлэтин сүнньүнэн тиийэ сылдьан сүүрбүт.

«Нэһилиэгим былааҕын дойду тэбэр сүрэҕэр Москва куорат сүүрүүтүн марафонун финиһигэр өрө көтөҕөн кэлбитим дойдум ыччаттарыгар, кэлэр көлүөнэҕэ холобур буоллун. Аан дойду ханнык да муннугар сылдьан, өрүү дойдуларынан киэн тутуннуннар, кини былааҕын өрө күөрэттиннэр«, — диир Лев Новгородов.

Лев Николаевич 21 км. 100 миэтэрэни 1ч.55 мүн сүүрбүт.

«Бу иннинэ бэйэм дьарыктаммытым результата 2.12.00 эбит буоллаҕына, тренери кытта икки ый дьарыктанан көрдөрүүм тубуста. Түгэнинэн туһанан, бырааппар Кузьма Татариновка дьарыктаабытыгар махталбын тиэрдэбин«, — диир баһылык.

Эдэр ыччаттарга туһаайан Лев Новгородов чөл олоҕу тутуһалларыгар, ыарахаттартан толлубаттарыгар, «ханна да сырыттаргыт төрөөбүт-үөскээбит дойдугут үтүө аатын ааттата сылдьыҥ!» диир.

This post was published on 06.10.2020 15:01 15:01