Абый оройуонун Мыайар национальнай нэһилиэгин оскуолатын «Нёчэ» ансаамбыла “Таланты России” дойдулар икки ардыларынааҕы куонкуруска Гран-при хаһаайына буолла. Бу туһунан ансаамбыл салайааччыта Альбина Соломова кэпсээтэ, суруйда «Хотугу кыым» хаһыат.
Альбина Соломова иһитиннэрбитинэн, кулун тутар 22 күнүгэр “Таланты России” V дойдулар икки ардыларынааҕы бэстибээл-куонкуруска Абый улууһуттан 15 оҕо, 3 улахан киһи кытынна. Хотугу норуоттар култуурунай нэһилиэстибэлэрэ бары өтүттэн көрдөрүлүннэ. Эбээн норуотун һээдьэтэ, ырыата, тойуга Россия тэбэр сүрэҕэр Москва куоракка дуораһыйда.
«Нёчэ» ансаамбыл һээдьэлээн, Снежана Семеновна Тимофеева декоративно-прикладнай искусствоҕа кыттан, Гран-При үрдүк аатын ыллылар.
Сережа Степанов «Булчут” уонна Кэрэчээнэ Захарова “Кэрэ дьүкээбил” ырыаларынан I истиэпэннээх лауреат буоллулар. Улахан дьоҥҥо Лия Егоровна Слепцова “Кыыс тойугун” толорон, эмиэ I истиэпэннээх лауреат аатын сүктэ, «Сияние севера» муоданы көрдөрөн, дьон биһирэбилин ылла.
Тэрээһин түмүгүнэн Сочига ыытыллыахтаах куонкуруска абыйдар ыҥырыы туттулар.
Куонкуруска Москва, Барнаул, Черепаново уонна Зеленоград куораттарыттан кытыннылар.
Оҕолору Саха Республикатын бэрэстэбиитэлэ Лариса Лукинична Макарова баһылаан-көҕүлээн илдьэ сырытта.
«Оҕолор дуоһуйа Москва устун күүлэйдииллэр. Циркаҕа, аквапаркаҕа, технопаркаҕа, дельфинарийга уонна автобуһунан күнүскү, түүҥҥү экскурсияларга сылдьаллар. Маннык улахан тэрээһиҥҥэ оҕо сайдар, үүнэр, сырдыкка, үтүөҕэ дьулуһар. Бу «Нёчэлэргэ» олохторугар биир сырдык өйдөбүл буолан хаалыа«, — диэтэ Соломова.
Источник: @hotugukyym
This post was published on 23.03.2022 14:12 14:12