Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин уонна астыыр бырамыысаланнас күнүн Арассыыйаҕа 1999 сылтан саҕалаан алтынньы ый иккис өрөбүлүгэр бэлиэтииллэр. Эбээн-Бытантай улууһун экономикатын сүрүн хайысхата тыа хаһаайыстыбата буолар. Хороҕор муостаах дьиҥ саха боруодатын ынаҕын, табаны, сылгыны иитии барыта баар. Тыа хаһаайыстыбатын экономикатын сайдыыта үгүс элбэх быһаарыыга турар соруктары таарыйар: тыа сиригэр дьон олохсуйуута, улуус экономикатын сайыннарыы, дьон дьарыктаах буолуута, нэһилиэнньэ доруобуйата.
Эбээн-Бытантай улууһун экономикатын сүрүн салаатын туругун туһунан улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын дьаһалтатын салайааччыта Аликов Сергей Сергеевич сырдатта.
— Сергей Сергеевич, дорообо! Сүрүн салааны салайыыга саҥа үлэлээн эрэр киһи буоллаҕыҥ дии, уопсай сайдыытын туругун туох дии санаатыҥ? Туох уларыйыы үлэтэ ыытылынна?
— Таба иитиитэ. Уопсайынан судаарыстыба да, өрөспүүбүлүкэ да өттүттэн сөптөөх көмө бэриллэр, өйөбүл көрүллэр диэн сыаналыыбын. Бу салааҕа билигин биһиги маршрутнай картаны уларытыахпытын наада. Ыстаадалар сирдэрэ чахчытынан чуолкайа суохтар эбит диэн бэлиэтээтим. Бу боппуруоһу чопчулаан оҥорор, дьаарыстыыр үлэ ыытыллар. Маршрутнай дьиэлэр тутууларын салгыахпыт уонна харааллары эбиэхпит. Муниципальнай тэрилтэ иһинэн баар табаһыттар хамнастара таба ахсааныттан, ол эбэтэр төһөнөн элбэх табаны туталлар, төрүөх хайдах барарыттан тутулуктаах, ону чопчу өйдүөхтэрин наада. Билигин бу диэн чуолкай таба ахсаанын эппэппин, тоҕо диэтэр күһуҥҥу ахсаан саҥа саҕаланаары турар.
— Таба ахсаана көҕүрүүр сүрүн биричиинэтэ адьырҕа буолар, бу манна туох үлэ ыытылларый?
— Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин иһинэн үлэлиир биологическай ресурсалар уонна туспа харыстабыллаах айылҕа сирдэрин дирекцията бөрөлөр ахсааннарын бэрээдэктээһинигэр мобильнай биригээдэлэри тэрийэр. Биһиэхэ улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын салалтатыгар иһитиннэрии киирэр, холобура маннык ыстаадаҕа бөрө баар диэн. Оччоҕо тутатына дирекцияҕа сайаапка түһэрэбит. Кинилэр бөрөһүттэр-булчуттар мобильнай биригээдэлэрин тэрийэн ыыталлар. Былырыын холобура икки биригээдэ үлэлээбитэ. Былааннарын толорбуттара, хас биирдии биригээдэҕэ кырата 5-ти бөрө диэн соруктаахтар. Эбии биһиги салалтабыт табаһыттары, боростуой булчут дьону кытта дуогабар түһэрсэр. Манна улуустан туспа бырагырааманан сылга 700 тыһ.солк. көрүллэр. Ол эбэтэр, булчут «САХАБУЛТ» хампаанньаҕа бөрө тириитин туттардаҕына, аактанан эбии 20 тыһ.солк. бириэмийэ ылар. Уопсайа биир тириигэ 40 тыһ.солк. кэриҥэ буолар.
Маны таһынан былырыын Волгоградскай уобаластан 500-тэн тахса доза «гранула с римифоном» диэн дьааты ылбыппыт. Бу дьаат бөрөлөр ахсааннарын бэрээдэктээһинигэр туһалаах ньыма. Улахан токсичнайа суох, тулалыыр эйгэҕэ түргэнник сүтэр уонна айылҕаҕа куһаҕаннык дьайбат. Хаһаайыстыбалар, родовой общиналар бу эми туһанан бөрө табаны тардара аччаата диэн бэлиэтииллэр. Чахчытынан «грануланы» сиэбит икки бөрөнү буллубут, сорохтор өлүктэрин була иликтэр. Арктика кэмитиэтин бырагырааматынан 20 хапкаан ылбыппыт. Ону туҥэтиэхтээхпит.
— Эдэр ыччаты хайдах төрүт дьарыкка чугаһатыахха сөбүй?
— Бастатан туран хаачыстыбалаах сибээһинэн хааччыйыахха наада дии саныыбын, очччоҕо эдэр ыччат тардыһыа этэ. Бу өттүгэр үлэ баран эрэр. Биһиги эргэ радиостанциялары уларытары былаанныбыт, билигин холобура «Полярные авиалинии» АХ урукку райком радионстанцияларын туһана сылдьаллар, ол сибээһэ үчүгэй уонна хабар балаһата киэҥ.
— Сүөһү иитиитин туһунан аны кэпсэтиэххэ.
— Сылга биир ыанар ынахха 30 тыһ.солк. көрүллэр. Оттооһун былаана 87% туолла, бу 1240-тан тахса туонна от буолар. Былааммыт 1495 туонна этэ, ол онтон чахчы 1200 туонна оттонор диэн сылыктаабыппыт. Сүрүн биричиинэ кураан дьыл буолан биэрдэ. Ол эрэн кыстыкка син бэлэммит. Онтон Кустуурга 70 туонна тиийбэт диэн сурук киирбитэ. Манна тэрилтэ от айаннаан кэлэрин бэйэтэ уйуонуон наада. Дьарҕаалаахха отторо уокка (баһаарга) былдьаммыт дьоҥҥо көмө боппуруоһа аһаҕас турар. Ол эрэн, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта үлэлэһэ сылдьыбыппыт, онон оту тиэйээһинигэр көмө көрүллүөн сөп. Оччотугар киһи бэйэтэ отун ылынар, тиэммитин кэннэ харчы көмө көрүллэр.
Бу сайын устата үрүҥ ас атыыланан нэһилиэккэ тарҕанна. Манна инникитин нэһилиэкпитигэр үүт пууна арыллан үлэлиирин туруорса сылдьабыт. Оччотугар саха ынаҕын сыалаах үүтүнэн йогурт, кефир, сүөгэй о.д.а бородууксуйаны оҥорон нэһилиэнньэҕэ таһаарыа этибит. Манна оборудованиета, дьиэтэ-уота, уопсайынан үбэ быһаарыллыытын бырагырааманан киирсэргэ былаанныыбыт. Ити эрээри ГБУ «Бытантай» муниципальнай тэрилтэ буолан, граннарга кыттар бырааба суох. Онон ханнык эмэ бааһынай хаһаайыстыба кыттара буоллар. Кини кыайдаҕына утары үбүлээһин ньымата туттуллан, ханнык эрэ быраһыанын муниципалитет, өрөспүүблүкэ уйунуоҕа.
— Араас тубэлтэлэр буолаллар, ууга түһүү, аһыы оту сиэһин. Сүөһү страховкатын ким оҥороруй? Питомник ынахтара, чааһынай сүөһү страховкалаахтар дуо?
— Бу ыйытыыга чопчу эппиэти биэрбэппин. Билигин Россельхозбааны кытта үлэлэһэ сылдьабыт. Улууспутугар филиала суоҕа үлэни наһаа атахтыыр. Киин улуустар бу бааны кытта үлэлэһэбит, диэн уопуттарын үллэстэллэр. Ону өссө үчүгэйдик үөрэтэн баран чопчулаан биэриэхпит.
— Судаарыстыба өйөбүлэ, быларгыраамалар, «АГРОСТАРТАП куонкурус 2019» туһунан сырдат эрэ.
— Сайын «АГРОСТАРТАП» туһунан элбэх информацияны хаһыат нөҥүө таһаарбыппыт. Бу саҥа саҕалыыр крестьянскай хаһаайыстыбаларга сүрдээх төһүү өйөбүл буолар. Быйыл онно ситиһиилээхтик биир эрэ урбаанньыт кыттыыны ылла. Ковалева Ия Иннокентьевна гранын сертификатын «Развитие фермерского хозяйства» диэн тутан олорор. Бу сүрдээх улахан көмө буолуоҕа, хаһаайыстыбатын кэҥэтиэҕэ, сайыннарыаҕа диэн бүк эрэллээхпит.
— Саҥа технологиялары тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар туһаныы биһиги улууспутугар хайдах салаллыай?
— Тыа хаһаайыстыбатын бары эйгэтигэр саҥа технологиялары туһаныахпытын наада. Холобура, от охсор, харбыыр тэриллэри көхтөөхтүк олоҕурдуохха сөп. Быйыл холонон прессподборщигы үлэлэтэн көрдүбүт, көдьүүстээх эбит диэн бэлиэтээтибит. Кылаабынайа аһа кыаттардаҕына биһиги сүөһүбүт төбөтө элбиэҕэ. Аһын уонна, биллэн турар, көрүүтүн-харайыытын кыайа тутуохтаахпыт.
Табаны, сылгыны, саха ынаҕын тэҥинэн тутан иитэр-көрөр улуус тарбахха ааҕыллар. Бу баайбытын өрө тутуоҕуҥ, харыстыаҕыҥ, сайыннарыаҕыҥ диэн улууһун олохтоохторугар этэбин.
Ааптар: Илана Колесова, «Бытантай уоттара» хаһыат, Эбээн-Бытантай улууһа
This post was published on 17.10.2019 09:03 09:03