21 Сэтинньи 21.11
  • -32°
  • $ 100,22
  • 105,81

Эбээн-Бытантайга саха сүөһүтэ чээлэй күөххэ үктэннэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Саха сүөһүтэ» хааһына тэрилтэтин Эбээн-Бытантайдааҕы салаата кыстыгы этэҥҥэ туораан, ынах сүөһү күөххэ үктэннэ. Бүгүҥҥү күн туругунан Саккырыырдааҕы салааҕа 124 ынах сүөһү иитиллэн турар, ол иһигэр 46 субан сүөһү, 42 ынах, 33 ньирэй, 2 оҕус, 1 ат оҕус. Быйылгы үлэ-хамнас туһунан «Бытантай уоттара» хаһыакка Спиридон Колесов кэпсээтэ.

Спиридон Колесов кэпсээбитинэн, кыстыгы этэҥҥэ кыһалҕата суох туораабыттар. Сүөһү аһылыгын өттүнэн салалта быйыл олох үчүгэйдик хааччыйбыт. Билигин Саккырыырдааҕы салааҕа 34 ынах сүөһү төрөөн турар, өссө да аны икки сүөһү төрүүрэ хаалла. Уопсайа 38 ыанар ынах, онно эбии 4 саҥа төрүүр эдэр ынах баар. Икки оҕустаахтар. Саас сүөһүлэр хааннарын уларытар сыалтан (ротация дэнэр) Горнай уонна Нам улуустарыттан 6 оҕус тиэллэн кэлбит, мантан эмиэ 6 оҕус барбыт. Аны саас эбии 2-3 оҕуһу ылар былааннаахтар. Былырыын сүөһүнү идэһэлээбэтэх буолан, ахсаан өттүнэн эбиллии баар.

Ыам ыйын 1 күнүттэн саҕалаан, үүтү, сүөгэйи атыылаан саҕалаабыттар. Сүөгэй киилэ аҥаара 600 солк., үүт 1 киилэтэ 120 солк. «Светлана” маҕаһыыҥҥа атыыланар. Дьон олох үчүгэйдик ылаллар. Үрүҥ аска былааннаахтар, сайын устата үүтү, сүөгэйи 2-лии туоннаны нэһилиэнньэҕэ атыылыахтаахтар. Бүгүҥҥү күн былааннарын улахан аҥарын толорбуттар, онон былааны аһары да барарбыт буолуо дииллэр.

— Үрүҥ аһы эрийэргэ дуогабарынан туһунан үлэһит ылбыппыт. Үлэтэ элбэх, уустук. Аҥардас эрийэр тэрили сууйуу-сотуу да үгүс түбүгү эрэйэр.

Күөх от бытыгыраабытынан субан сүөһүлэрбит бары таһырдьа тахсан тураллар. Ынахтар ыана эрэ хотоҥҥо киирэллэр, ньирэйдэри билиҥҥитэ күрүөҕэ тутан турабыт. Баҕар сайылыкка илдьиэхпит эбэтэр хотоммутугар күрүө туттаран онно көрүөхпүт диэн сылдьабыт.

Үлэһит ахсаана уларыйбата, салаабытыгар уопсайа 8 киһи үлэлиир. Хачыгаардар сезоннай үлэһит буоланнар бүппүттэрэ. Бары үлэһиттэр үлэлэрин кыайаллар, онон ити өттүгэр улахан кыһалҕа суох.

Быйыл Саккырыырга аан маҥнайгытын хотону оттууга таас чоҕу боруобалаатыбыт. Тиэллэн кэлиитэ ырааҕа бэрт буолан, сыанатын өттүнэн эппиэттээбэт, маһынан отторбут ордук диэн буолла. Хотоммут улахан, киэҥ буолан, оттук мас элбэх барар. Кыһын муҥутуур тымныы кэмнэргэ биэс хонукка биир массыына мас оттуллар. Быйыл эмиэ хотону сылытыы үлэтэ ыытыллыаҕа. Ол да буоллар, төһө да сылытар матырыйаалынан бүрүйбүппүт иһин син биир сүөһү бэйэтин сылааһынан турбата буолуо, улахан, киэҥэ бэрт хотон.

Сотору кэминэн оттооһун кэмэ саҕаланарынан бэлэмнэнэ сылдьабыт. Окко былааммыт син биир 150 туоннаттан аллараа буолбата булуо. Ол иһин, билиҥҥиттэн саҕалаан оттуон баҕалаах дьону көрдьүүбүт. От сыаната 1 туонната 7500 солк, ол таһынан быйыл Түгэһиир нэһилиэгин дьаһалтата, баһылык Сергей Аликов 2 тыһ. солк. эбиэх буолбута, онон 1 туонна от сыаната 9500 солк. буолар.

Былырыын Кустуурдааҕы салаа отторун былааннарын толорбуттара. Биһиги салаабытыгар бэйэбит тахсан аҕыйах туонна оту оттообуппут, онно эбии Дьарҕаалаах нэһилиэгэ 30 т. оту туттарбыта. Ону таһынан субуотунньуктар тахсан оттоспуттара, тэрилтэлэргэ былааннар бэриллибиттэрэ, дуогабарынан эмиэ аҕыйах киһи баар этэ. Сорох тэрилтэ оттоон туттарбыта.

Онтон быйыл тэрилтэбитинэн, ыанньыксыттартан уонна зоотехниктан ураты эмиэ бэйэбит тахсарбыт буолуо. Түгэнинэн туһанан, биир дойдулаахтарбын ыҥырыам этэ, тэрилтэбит сиригэр кэлэн оттооҥ, илдьэн да биэриэхпитин сөп. Оттоһор дьоҥҥо абаансаннан даҕаны харчыларын түһэриэхпитин сөп. Дуогабардаһыан баҕалаах дьон билсиҥ.

Тиэхиньикэнэн хааччыллыы өттүн эттэххэ, быйыл биһиэхэ 30 киилэлээх рулон оту таһаарар самоходнай прессподборщик кэлбитэ. Ону күрүө иһигэр боруобалаан көрдүбүт, хомуйара игин олох үчүгэй, үчүгэйэ диэн оту бугуллаабаккын. Маны таһынан тыраахтарбыт тахсыаҕа, сорох илиинэн, сорох тиэхиньикэнэн охсуохтара. «Сокол” квадроциклбыт ворошилканан охсуллубут оту харбаан иһиэҕэ. Улахан тиэхиньикэлэрбитин бу нэдиэлэҕэ сир улаханнык ирэ илигинэ таһааран эрэбит. Оттооһуҥҥа кылаабынайа дьыла үчүгэй буолуон наада. Окко тахсарбытыгар күнү-дьылы кэтээн көрөргө спутниковай тэриэлкэни таһаарарга былаанныыбыт.

Сайыҥҥы үлэлэргэ тохтоотоххо, эппитим курдук, хотоммутугар өрөмүөн, сылытыы үлэтэ ыытыллыаҕа. Ону таһынан хотону тула күрүө тутуллуохтаах, ипподром өттүгэр 100х100-тээх кыра күрүө, сарай тутуута баар, — диэн кэпсээтэ Колесов.

Ааптар: «Бытантай уоттара» хаһыат

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА