22 Сэтинньи 22.11
  • -33°
  • $ 100,68
  • 106,08

Эбээн-Бытантайга олохтоохтор быстах хомуурга барбыт дьоҥҥо төһө кыайалларынан көмөлөһөллөр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Хас биирдии оройуон дьаһалтата бэйэтин кыаҕынан, олохтоохтору көҕүлээн, быстах байыаннай хомуурга барбыт дьоҥҥо, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр. Эбээн-Бытантай улууһугар 3000 кэриҥэ киһи олорор, онтон хас даҕаны эдэр киһи быстах хомуурга баран, ийэ сирин көмүскүү сылдьар. “Бытантай уоттара” хаһыат кылаабынай редактора Яна Рожина улууска туох көмө барарын СИА-ҕа кэпсээтэ.

«Хомуур саҕаланыаҕыттан олохтоох урбаанньыттар, тэрилтэлэр харчынан көмөлөһөллөр. Хас биирдии улуус олохтооҕо бэйэтин кыаҕынан кылаатын киллэрэ сатыыр: эр дьон муус-мас үлэтин кыайа туталлар, эбээлэр түмсүүлэрэ барбыт уолаттарга национальнай оһуордаах аптечкалары тигэн ыыттылар. Улуустааҕы Оҕо киинэ таба тириититтэн угунньуларын оҥордо, ийэ күнүгэр “Вкусняшки от Машки” диэн кондитерскай сыах торт астааччылары түмэн, хомуурга барбыт дьон кэргэттэригэр торт астаан бэлэхтээтэ, чугас дьонун кэтэһэ олорор дьоҥҥо кыра да болҕомто күндү буоллаҕа. Баһаарынай сулууспа икки ыалга босхо «автоматическай извещатель» туруорда. Араас кэнсиэрдэр, дьаарбаҥкалар ыытылыннылар, мантан киирбит үбү-харчыны эмиэ быстах хомуурга барбыттарга ыыппыттара. Биһиги редакциябыт хомуур саҕаланыаҕыттан Потапова Светлана диэн эдэркээн ийэни кытары үлэлиир. Хаста даҕаны кини туһунан матырыйаал оҥорбуппут. Светлана дьиэтин маһынан отто олорбута, манна болҕомто ууруллан, Егор үлэлиир тэрилтэтэ ОДьКХ киин ититэр ситимҥэ дьиэни холбоото», — диэн Яна Рожина кэпсээтэ.

Доҕорун кэтэһэ хаалбыт эдэр ийэ Светлана Потапова туһунан «Бытантай уоттара» хаһыат кылаабынай редактора суруйбут матырыйаалын СИА ааҕааччыларын кытары үллэстэбит.

Быстах хомуур биллэриллибитэ номнуо үһүс ыйыгар барда. Сахабыт сирин бары муннуктарыттан эр хоһууттар хомуллан барбыттара. Хорсун санаалаах кэрэ аҥардар тапталлаах кэргэттэрин, убайдарын – бырааттарын Ийэ дойдуну көмүскүү баралларыгар сайысталлар да алгыы, этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэрин эрэнэ кэтэһэ хаалбыттара.

Кинилэр эмиэ олох биир тургутуутун ааһаллар, ол эрэн санаалара бөҕөх, «сотору барыта бүтүөҕэ, бэрт сотору таптыыр киһибит күлэн мичилийэн киирэн кэлиэҕэ» диэн эрэл санаанан салайтаран күннээҕи түбүгү нарын санныларыгар сүгэллэр.

Эдэркээн ийэ – Света Потапова таптыыр доҕорун Егору хомуурга атааран баран, хоту сир тыйыс кыстыгын биир дойдулаахтарын өйөбүллэринэн, быһаччы көмөлөрүнэн туоруур. Света эдэркээн бэйэтэ бэртээхэй хаһаайка – асчыт, иистэнэр уонна биир сөбүлүүр дьарыга диэн маһынан уһанар.

— Мин идэбинэн кондитербын. Билигин оҕоҕо дьиэҕэ олоробун, улахаммыт, кыыспыт уһуйаан киһитэ. Иэйиим киирдэҕинэ уһанарбын сөбүлүүбүн. Бу уһуйаан утреннигар остуоруйа эһэ Миисэтин уонна ыскамыйа оҥордум, лобзигынан форматын тыҥан, кырааскалаан, 3 күннээҕи үлэм. Дьиэбэр стеллаж уо.д.а. оҥорбутум.

Оҕолорбор таҥастарын барытын, бэрэгэһэлэригэр, унтууларыгар тиийэ бэйэм тигэбин. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан Оҕо саас киинигэр «Һэрэчэ» иис куруһуогар 7 сыл сылдьыбытым, онтум наһаа туһалаах.

Аҕабыт учебка кэннэ соторутааҕыта анал дьайыы линиятыгар киирбиттэрэ, сибээстэрэ мөлтөх, онон дөрүҥ – дөрүҥ биллэр. Биир дойдулаахтарым, дьаһалталар, аҕабыт үлэлээбит тэрилтэтэ көмөлөһөллөр, харчынан да, ис – тас үлэнэн да, оскуолалар үтүө санаа дьаарбаҥкатын, кэнсиэрин тэрийэн эмиэ харчынан көмөлөһөн сүрдээҕин диэн өйөөбүттэрэ. Түгэнинэн туһанан, бука барыларыгар улахан махталбын тиэрдэбин уонна кэлэн иһэр Саҥа дьылынан итиитик – истиҥник эҕэрдэлиибин!

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА