Эбээн Бытантайга Матвей Лыткин сэрээккэтигэр 30 киһи кытынна

Эбээн Бытантайга нэдиэлэ устата улуус киинигэр чөл олоҕу күүскэ пропагандалыыр, арыгыны утары охсуһар, физическай культуураны уонна спорду сайыннарарга үлэни ыытар, биллэр уопсастыбаннай деятель, аан дойдутааҕы долоҕойдоох буолуу Академиятын академига, «Трезвая Якутия» уопсастыбаннай хамсааһын лидера, хаалыктаах хаамыы «Стимул» кулуубун салайааччыта Матвей Иванович Лыткин кэлэн үлэлээтэ.


СӨ арыгы бородууксуйатын бытархай атыыга лицензияны биэрэр уонна хонтуруоллуур салалта салайааччыта, чөл олоҕу көҕүлээччи Матвей Лыткин кэлэн киэҥ хабааннаах үлэни ыытта, тутаах тэрилтэлэргэ сылдьан үлэни билистэ.

Матвей Иванович тэрилтэ салайааччыларын, урбаанньыттары, оскуола оҕолорун, учууталлары кытта олус интэриэһинэй киэҥ кэпсэтиини, маастар-кылаастары ыытта. Кэпсэтии түмүгүнэн санаа атастаһыыта буолла. Үгүс өттө арыгы атыытын хааччахтааһынын, бобуутун сөпсөһөллөрүн эттилэр.

Эбээн Бытантай наһаа тыйыс усулуобуйалаах улуус эбит. Бу аҕыйах кэм иһигэр хаар да түстэ, намыһах кыраадыс да буолла. Мин баччаларга хаар түһэрин көрө иликпин, истээччибин эрэ. Хоту дойдуга олорор дьон наһаа тыйыс усулуобуйаҕа олороллор, ол иһин өссө өчөһөн туран чөл туруктаах буолуохтаахтар. Былыргыны ылан көрдөххө, хоту хоһууннара диэн буурҕаны буурҕа диэбэккэ, хаары-тыалы аахсыбакка бултаан-алтаан баччааҥҥа дылы кэллэхтэрэ. Ол дьон чөл туруктаах буолан кэлбиттэр диэн. Онтон билигин бу үйэҕэ, цивилизованнай олоххо кэлэн баран биһиги арыгыга ылларан, дьэ, мөлтөөн биэрдибит. Ол иһин сибилигин чөл олох баар буоллаҕына — ыччат сайдыаҕа, норуот сайдыаҕа, улуус сайдыаҕа. Ити этиинэн салайтарыахха. Онтон чөл олох суох буоллаҕына — кэхтиигэ барыахпыт.

Матвей Иванович маастар-кылаастарыгар, сарсыардааҥы сэрээккэлэригэр уопсайа 30-тан тахса киһи дьарыктанна. Мантан антах бу саҕалааһыннары ыһыктыбакка, хаалыктаах хаамыыны сайыннаран, доруобуйабытын тупсарар санаа үөскээтэ.

This post was published on 22.06.2016 12:03 12:03