Илии-илииттэн ылсан, сарын сарынтан өйөнсөн, алаһа дьиэ тэринэн 50 сыл устата, үлэ буоллун, сынньалаҥ буоллун куруутун бииргэ сылдьар Мария Ильинична уонна Василий Гаврильевич Колесовтар дьиэ кэргэттэрэ Эбээн Бытантайга олороллор. Кыһыл көмүс сыбаайбалаах иллээх дьиэ кэргэн хайдах тэриллибитин, олороллорун сэһэргэһэ кинилэргэ сырыттым.
Мария Ильинична тутатына чаанньыгын үрдүгэр түһэн, «Маҥнай чэйдиэх», — диэн остуол тула олорон кэпсэттибит. «Ыал аҕатынан» диэн мээнэҕэ эппэттэрэ чахчы. Василий Гаврильевич 4 оҕолоох, 6 сиэннээх улахан дьиэ кэргэн бас-көс киһитэ буолар, онон сүрүн кэпсээччи кини буолла.
Сирдээҕи дьол: таптал
Василий Гаврильевич кэпсиир:
— Биһиги манна Саккырыырга оскуолаҕа 7-8 кылаастарга үөрэнэ сылдьан сөбүлүү бэйэ бэйэбитин көрсүбүппүт. Ол курдук кыра сурук сыыһыттан саҕалаан доҕордоһон барбыппыт. Оччолорго сурук буолар сүрүн сибээс. Онтон Маарыйа 9 кылааска үөрэнэ сырыттаҕына ийэтэ ыалдьан, суһаллык Кустуурга тулаайах хаалбыт балтыларын, бырааттарын көрө барбыта, ити сыл онон 7 оҕолоох ийэ буолбута.
Оттон мин оскуоланы бүтэрэммин ыстаадаҕа үлэлии бардым. Онтон Маайа арааһы барытын үлэлиир, сүөһү да көрөр, дьыссаат да сэбиэдиссэйэ буолар. Биирдэ Испирдиэн Күөлэһэп диэн Алыыттан кэлбит киһи Маайа миигин ыйытарын эттэ. Ону истээт, сурук суруйдум, урукку оскуола сылларын саҕана курдук сонуну-нуомаһы кэпсии түһэн баран, «Эйигинэ суох олорор кыаҕым суох, бииргэ холбоһон олорорбут сатаммат дуо?» диэн. Хата эппиэтэ начаас кэллэ «Билигин да кэллэххинэ сирбэппин» диэн.
Ыам ыйыгар кыыспар бараары уурайабын диэн сайабылыанньа биэрэ оҕустум. Аны оччолорго чааһынай табаны ииттэри игин боболлор этэ, Сэбиэскэй кэмэ буоллаҕа. Онон мин тугум да суох. Онуоха Сэмэн Горохов уонна Кириил оҕонньор биирдии табаны биэрбиттэрэ, маны атыылаан кэргэн ыла бар диэн. Онон Кустуурга сөмөлүөтүнэн көтөн тиийбитим Маарыйабар. Тиийбитим, эдьиийим Киристиин биһиэхэ дьиэ-уот бэлэмнээн ырааппыт эбит. Үлэ буллум.
Ол курдук, холбоһон баччааҥҥа диэри олоробут. Хаһан даҕаны өр кэмҥэ арахсыбатахпыт. Арай Владигы оҕолоно барарыгар куһаҕан этэ. Эпэрээссийэлэнэн өр буолбутугар наһаа тулаайахсыйбытым. Оҕолор кыралар, Стасик суоска киһитэ, бэйэм үлэ бөҕөтө. Хата эдьиийим көмөлөспүтэ. Кустуурга 10-тан тахса сыл олорбуппут. Туох баар үлэни барытын сатыырым. Кыһыл чуумҥа массовигынан диэн, оскуолаҕа муусука, уруһуй предметтэригэр учууталынан, интернат сэбиэдиссэйинэн да үлэлээбитим. Дьокутаатынан талбыттара. Онтон Балбаара төрөөбүтүн кэннэ манна сэбиэтинэн эмиэ үлэлээбитим. Сити курдук.
Мария Ильинична кэпсэтиигэ кыттар:
— Сэттэ оҕолоох киһини кэргэн ылар. Дьэ хорсун киһи диэбэккин дуо? Биһиги биирдэ да кыыһырсыбакка да, этиспэккэ да баччааҥҥа диэри олорон кэллибит. Кини кыыһырдаҕына тахсан барар, мин кыыһырдахпына тахсан барабын эмиэ, онтон уоскуйан баран дьиэбитигэр кэлэн туох да буолбатаҕын курдук сылдьабыт. Улахан кыыспыт Варя 1967 сыллаахха күн сирин көрбүтэ, онтон Люда, Стасик уонна кырабыт Владик төрөөбүттэрэ. Билигин оҕолорбут бары олохторун оҥостубут дьон. Улахан сиэммит Люда уола эһэтин аатынан Баһылай диэн. Билигин аармыйаҕа бараары сылдьар. Варя туохпутун барытын дьаһайа олорор киһибит, «главнокомандующай» диибит (күлэр). Стасикпыт эдэр сааһыгар күн сириттэн барбыта. Кийииппит Ньургуйаана төрөппүт кыыспыт кэриэтэ чугас киһибит. Владиктаах дьиэбитин- уоппутун барытын киирэ-тахса көрөллөр. Сиэннэрбит эмиэ эбээ, эһээ диэбит дьон. Бу олорон санаатахпына, соһуйабын даҕаны, номнуо 50 сыл буола охсубутун.
Сирдээҕи дьол кистэлэҥэ туохханый?
Мария Ильинична уонна Василий Гаврильевич иккиэн биир киһи курдук: «Бэйэ — бэйэни ис дууһаттан, дьиҥнээхтик таптыахха эрэ наада», — диэтилэр.