Эбээн Бытантай улууһугар эдэр ыччаттарга аналлаах Туристар сүлүөттэрэ тэрээһин «Топпоҕо» буолан ааста. Бу күрэх эдэр ыччаты чөл олоххо тардар, биир сомоҕо оҥорор сыаллаах-соруктаах ыытылынна.
Ыччат айылҕа усулуобуйатыгар, хамаанданан үлэлээһиҥҥэ төһө бэлэмнээхтэрин, түмсүүлээхтэрин, бэйэни тургутууларын көрдөрдө. Үс хамаанда кыттыыны ылла: оскуолалар «Выпускники», улуус дьаһалтата «Чолбон», оҕо уонна ыччат спортивнай оскуолата «Дьулурҕан».
Күрэх уопсайа уон түһүмэхтэн турда. Бастакы түһүмэххэ харгыс балаһалары бириэмэҕэ ааһарга күрэх буолла, манна бастакы миэстэни «Выпускники» хамаанда ылыаҕын ылла, иккис миэстэни «Чолбон», үһүс миэстэҕэ «Дьулурҕан» хамаандалар тигистилэр.
Онтон иккис түһүмэххэ «Көрдөөх стартар» буоллулар. Ыччаттар түргэн-тарҕан хамсаныыларынан барытын сып-сап түмүктээн, бу да сырыыга бастакы миэстэни ыллылар, иккис миэстэҕэ «Дьулурҕан» хамаандата таҕыста, үһүскэ «Чолбон» тигистэ.
Анал бириистэргэ:
— «Бастыҥ хапытаан» — Акулина Жиркова;
— «Эдэр кыттааччы» — Настя Степанова;
— «Бастыҥ судьуйа» — Павел Абрамов;
— «Бастыҥ хапытаан» — Милена Сотрудникова;
— «Көхтөөх кэрэспэдьиэн» — Елена Старостина;
— «Саамай эдэр» — Денис Стручков;
— «Саамай иллээх хамаанда» — «Чолбон;.
Сүлүөтү тэрийсибит, толкуйдаабыт Айгуля Слепцова:
— Турслету Оҕо уонна ыччат спортивнай оскуолата уонна олохтоох дьаһалта буолан тэрийдибит. Эрдэттэн ыччакка анаан диэн былааннаабыппыт. Түгэһиир дьаһалтатын баһылыгар Егор Дмитриевичка тиийэн көрдөрбүппүтүгэр, кини өйөөн, тэрээһиммитин оҥорор буолбуппут. Бирииспитин, грамоталарбытын барытын олохтоох улуус дьаһалталара хааччыйдылар. Онон барыта былааннаммытын курдук оҥоһуллан ааспыта. Бастакы тэрээһин диэтэххэ үчүгэйдик ааста дии санаатыбыт. Инникитин бу тэрээһини олохтоох дьаһалтаны кытта сүбэлэһэн сыл аайы ыытар былааннаахпыт. Сылын аайы тупсаран истэххэ олус үчүгэй, интэриэһинэй буолуо.
Кыттааччы Шерзот Рябчиков:
— Үчүгэй спортивнай тэрээһин буолан ааста, эдэр ыччаттар бэйэ-бэйэбитин кытары көрсөн, бииргэ кэпсэтэн бириэмэбитин бэһиэлэйдик атаардыбыт, бары даҕаны сэргэхсийэн тарҕаспыппыт буолуо дии саныыбын. Тэрээһин өттүнэн олус үчүгэй, холобура тус бэйэм оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан күрэхтэһэрбин санаан кэлбитим.
Хас биирдии кыттааччы, бэйэтин күүһүн көрдөрөрүгэр аналлаах гына түһүмэҕи барытын араас-араас тургутуулардаах оҥорбуттара олус үчүгэй диэн бэлиэтии көрбүтүм.
This post was published on 10.06.2016 16:06 16:06