Эбээн-бытантайдар күннэрин көрүстүлэр (ХААРТЫСКА)

????????????????????????????????????

Эбээн-Бытантай национальнай улууһун киинин олохтоохторо “Дорово нөлтэн” күнү айхаллыыр бырааһынньыкка муһуннулар.


Эбээн норуотун сиэрин-туомун тутуһан ытык-мааны эбэлэр — “Үпэндьэл” бөлөх кыттыылаахтара — таба иһин сыатынан аал уоту аһатылар. «Быйаҥ сыл буоллун», — диэн алҕаатылар, буруонан ыраастаатылар.

Тохсунньу ый тумарыгынан бүрүммүт тымныыны аахсыбакка мустубут дьон эйээркэй һээдьэҕэ тэтимнээхтик эргийэн, күүс-уох ылла, сэниэ эбиннэ.

 

Тус хоту дойдуга аам-даам тымныылаах, уһун хараҥа кыһын кэнниттэн күн бастакы сардаҥаларын тахсыыта хас биирдии киһи сүрэҕэр сырдык чөмчүүк уотунуу сылаастык, истиҥник киирэр.

Ааптар: “Бытантай уоттара” хаһыат, https://ulus.media/2020/01/24/u-uk-hotu-uluus-dono-k-n-urujduur-byraa-ynnykka-mu-unna/

This post was published on 24.01.2020 14:26 14:26